“Ханыы күн – доруобуйа күнэ”
2024 сылтан, улуустааҕы О.Д. Федорова аатынан киин библиотека көҕүлээһининэн, улуус дьаһалтата өйөбүлүнэн- Ханыы күн( оптуорунньук) ” Доруобуйа күнэ” тэрээһин, быйылгы дьылга үгэскэ кубулутан иккис сылын ыытыллар. Мэйик нэһилиэгэ бу күҥҥэ туора турбакка көхтөөх кыттыыны ылар. Ол курдук “Күнчээн ” оҕо уһуйаана , олохтоох дьаһалта , КДУ, оскуола тэрилтэлэрэ күннэрин сэрээккэттэн саҕалыыллар. Кып кырачаан оҕотуттан саҕалаан, […]
Привет, мир!
Добро пожаловать на Сайты Верхневилюйской МЦБС. Это ваша первая запись. Отредактируйте или удалите её, затем пишите!
VII -я республиканская акция “Сила книги”.
Седьмая Рөспубликанская акция “Сила книги” В рамках Общероссийского дня библиотек,27 мая, в нашей библиотеке прошла седьмая Рөспубликанская акция ” Сила книги “, посвященная Ко дню защитника Родины в РС(Я). В мөроприятии приняли участие ученики Мэйикской школы. Гостем нашей акции стал , директор Мэйикской школы Саввинов Николай Анисимович. Николай Анисимович прочитал из книгу Владимира Пестерова “Саха […]
Мэйик нэһилиэгэ үүнэр – сайдар кэскиллээх.
Мэйик нэһилиэгэ Кыайыы 80 – н сылын сүрдээх өрө күүрүүлээхтик уонна сэргэхтик бэлиэтээн ааста. Ыам ыйын 9 күнүн төһө эмит инниттэн Александра Никифоровна Федорова , эһэтин кэриэһигэр, Аҕа Дойду кыттыылааҕар анаан улуснай викторинатыттан саҕалаан, ону тэҥэ оскуола, олохтоох библиотеканы кытта ылсан, биир ситимнээхтик үлэлэһэн тэрээһиннэри ыыттылар. Ол курдук Валентина Васильевна Попова алын сүһүөх кылаас оҕолоругар […]
“Георгиевскай лента” акцията.
Кыайыы 80 -н сыллаах үбүлүөйдээх сылын Мэйик нэһилиэгэ өрө күүрүүлээхтик бэлиэтээтэ . Ол курдук ыам ыйын 8 күнүгэр олохтоох библиотека дьиэтигэр “Георгиевскай лента” акцията буолан ааста, Мэйик оскуолатын 8лэ уруогун учуутала Айталина Васильевна маастар кылаас ыыппыта. Бу тэрээһиҥҥэ улаханныын оҕолуун сүрдээҕин сэҥээрэн туран сырыттылар.
Библионочь – 2025 “Свои герои”
Хас сылын аайы ыытыллар Всероссийскай Библионочь тэрээһин , Кыайыы 80-н сылын көрсө “Свои герои ” диэн ааттаах Мэйик олохтоох библиотекатыгар буолан ааста . Ол курдук сарсыарда өттүгэр Мэйик нэһилиэгиттэн Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт тустарынан , кинилэр сырдык ааттарыгар, орто сүһүөх оҕолорго , өйдөрүгэр-санааларыгар киирэр гына Владиммр Афанасьевич Федоров сүрдээх үчүгэйдик сэһэргээтэ. Оҕолор […]
Сахалыы, нууччалыы мүнүүтэҕэ ааҕабыт.
Оҕо кинигэтин нэдиэлэтин чэрчитинэн , Мэйиктээҕи ааҕар дьиэҕэ ” Сахалыы, нууччалыы мүнүүтэҕэ ааҕабыт” диэн сүрдээх тэтимнээх , интэриэһинэй , биир өттүнэн оҕону сайыннарар уонна кинигэни ааҕарга көҕүлүүр тэрээһин буолан ааста. Этиллибитин курдук оҕолор икки хамаандаҕа арахсан нууччалыы уонна сахалыы кинигэни мүнүүтэҕэ аахтылар. Хоһоону ис турукка киирэн туран , дьоҥҥо тиэрдэр курдук аахтылар . Түмүккэ уолаттар […]
“Өксөкүлээх-уота “акция
Бугун, кулун тутар 15 кунугэр Мэйик олохтоох библиотекатыгар ыытыллыбыт, “Свет Кулаковского” диэн акция тэрээһиҥҥэ оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар. Өксөкүлээх Өлөксөй Оҥхой сиригэр-уотугар, Аһыкайга кэлэ сылдьан сэргэ туруоран ааспытын оҕолор сэҥээрэ иһиттилэр .Сүдү киһи Ойуун түүлэ улуу айымньытын интэриэһиргии ону тэҥэ 9-с кылаастар быйылгы кинигэлэригэр бу айымньы баарын, өссө чиҥэтэн ааҕыах буолан, күө-дьаа буоллулар. Өксөкүлээх туһунан […]
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
Олунньу ый 13 күнүгэр, Мэйиктээ5и ааҕар дьиэҕэ, ийэ тыл, сурук – бичик күнун уонна Саха бастакы алпаабытын төрүттээччи С. А. Новгордов төрөөбүт күнүн чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкээнискэй сахалыы дьыктаан буолан ааста. Дьыктаан түмүгүнэн, Ариан Владимирович Федоров ” Үчүгэй суруксут” аатын ылары ситистэ, ” Бастыҥ суруксут” аатын ылла, Наталья Евсеевна Федорова уонна “Бастыҥтан бастыҥ “аат үрдүк аатын сүктүлэр […]
Улуустааҕы ааҕыы күрэҕэ.
Сахалыы сайаҕастык саҥарар иэйиибитин истиҥник этинэр, Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ, үүнэ сайда турдун! . Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот барҕа баайа, кэлэр кэскилэ. ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ. Үөһээ Бүлүү оройуона (улууһа) төрүттэммитэ 90 сылыгар, Үөһээ Бүлүү бибилэтиэкэлэригэр оҕо […]