Хас сылын аайы ыытыллар Всероссийскай Библионочь тэрээһин , Кыайыы 80-н сылын көрсө “Свои герои ” диэн ааттаах Мэйик олохтоох библиотекатыгар буолан ааста . Ол курдук сарсыарда өттүгэр Мэйик нэһилиэгиттэн Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт тустарынан , кинилэр сырдык ааттарыгар, орто сүһүөх оҕолорго , өйдөрүгэр-санааларыгар киирэр гына Владиммр Афанасьевич Федоров сүрдээх үчүгэйдик сэһэргээтэ. Оҕолор сэҥээрэн олорон иһиттилэр ,элбэҕи биллилэр , көрдүлэр – иһиттилэр. салгыы эбиэт кэнниттэн “Ахтабыт, саныыбыт, сүгүрүйэбит” диэн оскуола оҕолоругар хоһоон күрэҕэ буолла. Манна кылааһынан да , биирдиилээн да аахтылар. Дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр Александра Ивановна Львова,Василина Васильевна Павлова .Алын сүһүөх кылааска бастакы миэстэни Валентина Васильевна Попова салайар 4-с кылааһын үөрэнээччилэрэ ,иккис-с михстэни Мария Павловна Иванова салайар 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ ылары ситистилэр. Улахан сүһүөххэ 7-с кылаас үөрэнээччитэ 1-кы миэстэни , Харысхан Михайлов 2-с миэстэни уонна үһүс миэстэни Айсен Егоров ыллылар. Тэрээһиммит үһүс чааһынан “Спасибо деду победителю” диэн ааттаах хос эһэлэрин ,аймахтарын тустарынан сэһэргиир доклад күрэҕэ буолла. Манна барыта 6 оҕо кытынна , алын суһуөх кылааска 2-с миэстэни Эрсан Федоров ,хос эһэтин Сургуулуктан төрүттээх Соргоев Кирилл Николаевич туһунан, 1-кы миэстэлээх Сайаан Семёнов , хос эһэтин Огочонов Абрам Иннокентьевич туһунан кэпсээтилэр. Улахан бөлөххө үс бырааттыы Федороатар тустарынан сиэннэрэ Юлиян Иванов, Эрчим Чириков , Алгыс Спиридонов кэпсээннэр 2- с миэстэни ыллылар уонна Талбан Федоров эһэтин Иван Яковлевич Яковлев туһунан кэпсээн 1-кы бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ. Маннык түгэннэргэ оҕолор кыттаннар бэйэлэрин дьоннорун туһунан киэн тутта кэпсииллэр , элбэҕи билэллэр ,көрөллөр – истэллэр , санааларын сайа этинэллэр . Төрдүс түһүмэҕинэн Иван Петрович Чириков “Үйэлэргэ умнуллубат ааттар” диэн герой оҕолор тустарынан презентация көрдөрдө. Герой оҕолору сөҕө көрдүлэр . Бэһистүмүктүүр түһүмэҕинэн “Кыайыы гвоздиката” диэн гвоздика оҥоруутугар маастар кылаас буолла . Манна сылын аайы ыытыһар Мэйик сүрүн оскуолатын технологияҕа учуутала , Айталина Васильевна Иванова салайан ыытта. Бу түһүмэххэ,оҕолуун -эмэнниин гвоздика оҥороору элбэх киһи тоҕуоруһа муһунна. Бу курдук Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Свои герои ” диэн Библионочь тэрээһиммит сыалын – соругун ситэн этэҥҥэ түмүктэннэ . Бары кыттыыны ылбыт ааҕааччыларбар махтал маанытын аныыбын.


























