Улуустааҕы ааҕыы күрэҕэ.

Сахалыы сайаҕастык саҥарар иэйиибитин истиҥник этинэр, Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ, үүнэ сайда турдун! . Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот барҕа баайа, кэлэр кэскилэ. ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ. Үөһээ Бүлүү оройуона (улууһа) төрүттэммитэ 90 сылыгар, Үөһээ Бүлүү бибилэтиэкэлэригэр оҕо ааҕыытын сылынан уонна төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн улуустааҕы II ДОРҔООННООХТУК ААҔЫЫ КҮРЭҔЭР, Мэйик сүрүн оскуолатыттан үс о5о баран кыттан, бастакы миэстэ үрдүк үөрүүтүн ылан кэллилэр.Ол курдук 9-с кылаастан Юлиян Иванов, 7-с кылаастан Андриан Николаев, 4-с кылаастан Эрсан Федоров. Сиһилии сэһэргиир эбит буоллахха, барыта улуус 11 оскуолата күөн көрсүбүттэр. Бастакы тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн, 9-10-11 кылаастарга Юлиян Иванов 2 лауреат аатын, Эрсан Федоров эмиэ 2 лауреат аатын сүктүлэр. Иккис түһүмэххэ хамаанданан киирсиигэ диэн 11 оскуолаттан 5 бастыҥ хамаанданы сүүмэрдээһиҥҥэ, Мэйик о5олоро саамай үрдүк баалланан 2-с түһүмэххэ кыттар чиэскэ тигистилэр, уонна күрэх түмүгүнэн , кэннилэригэр 10 оскуоланы хаалларан, бастакы миэстэ буоланнар үөрүүбүтүн үксэттилэр, Мэйик дьоллоох туонатыгар биир эмиэ дьоһуннаахай сонун, тилийэ көтөн кэбистэ. Ону тэҥэ хаһыат редакцията биһирэбил бирииһин Эрсан Федоровка туттарда. Бу курдук кинигэни до5ор оҥостон, элбэхтик аа5ан үүнүөх, сайдыах, сахабыт тылын Аар Саарга аатырда туруох!