Мэйик нэһилиэгэ үүнэр – сайдар кэскиллээх.

Мэйик нэһилиэгэ Кыайыы 80 – н сылын сүрдээх өрө күүрүүлээхтик уонна сэргэхтик бэлиэтээн ааста. Ыам ыйын 9 күнүн төһө эмит инниттэн Александра Никифоровна Федорова , эһэтин кэриэһигэр, Аҕа Дойду кыттыылааҕар анаан улуснай викторинатыттан саҕалаан, ону тэҥэ оскуола, олохтоох библиотеканы кытта ылсан, биир ситимнээхтик үлэлэһэн тэрээһиннэри ыыттылар. Ол курдук Валентина Васильевна Попова алын сүһүөх кылаас оҕолоругар викторина ыыппыта ону тэҥэ улахан кылаас оҕолоругар “Ким да умнуллубат ,туох да умнуллубат ” улахан сүһүөх оҕолоругар эмиэ викторина буолан ааста.

Биир сүдү , улахан , историческай сабыытыйанан , Аҕа Дойду сэриитигэр бастакы ыҥырыктаахтар хаартыскаларынан памятник оҥоһуллан кэлэн турбута буолар. Маннык улахан бырайыакка ылсан үлэлэспит киһибитинэн буолар , Мэйиктэн төрүттээх ,биһиги биир дойдулаахпыт Федоров Анатолий Гаврильевич ,киниэхэ көх-нэм буолан көмөлөстө, Мэйиктэр эмиэ бэйэбит кыыспыт , Эльвира Афанасьевна Федорова . Бу памятник оҥоһуллан тахсарыгар бары Мэйик олохтоохторо,ыраах-чугас олорор Мэйиктэн төрүттээх дьоннорбут күүс – уох буоллулар. Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат эбит диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Инникитин кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар сэһэн буолан кэрэһэлии туруоҕа диэн эрэл санаа кыымын саҕар. Анатолий Гаврильевич дьонугар -сэргэтигэр дьоһуннаахай бэлэх ууммутун ,хойутун хойут сэһэн гынан сэһэргиэхтэрэ . Маннык сэдэх хаартысканы, Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа , Яковлев Иван Яковлевич альбомуттан кыыһа Александра Ивановна Львова булан биэрбит. Сыччах биир хаартыскаттан сиэттэрэн ,бу дьон чугас дьонноруттан ылыллыбыт ахтыылардаах дьоһуннаахай кинигэ төрөөн таҕыста. Кинигэ автора, Эльвира Афанасьевна Федорова. Кылгас кэм иһигэр элбэх сыралаах үлэ түмүгүнэн , Эльвира Афанасьөвна дойдутун дьонугэр -сэргэтигэр, Кыайыы 80 сылынан күндү бэлэх курдук ууммутуттан сүрдээҕин үөрдүбүт уонна астынныбыт. Кинигэ презентациятын Владимир Афанасьевич Федоров үрдүк таһымҥа иилээн ыытта. Түмүккэ, аҕа баһылыкпыт Иван игориевич Яковлев тэрийиитинэн итии үүттээх чэйдээх остуолугар олорон ирэ-хоро сэһэргэстилэр, ааспыты ахтыстылар.

Кыайыыга аналлаах концерт киһи көрөн олоруох курдук биир тыынынан буолбута дьону-сэргэни чахчы астыннарда,тэрилтэ үлэһиттэрин инсценировкатыттан саҕаланан ,дьоллоох олох тускулун туойар нүөмэрдэринэн түмүктэннэ. Парадка тэрилтэ бары турунан, нэһилиэк олохтооҕо бары кыттыһан ,сарсыҥҥы күнү уруйдаан , ньиргиччи хаамтыбыт. Үлэ-тыыл ветераныгар Герасимов Василий Илларионовичка уонна СВО кыттыылаахтарын дьонноругар махтанан туран, нэһилиэк баһылыга Иван Игориевич бэлэх туттартаата. Бу курдук Мэйик нэһилиэгэ инникитин үүнэр -сайдар кэскиллээх эбит диэн сэмээр испитигэр үөрэбит уонна киэн туттабыт . Инникитин дойдубутугар буола турар дьалхааннаах күннэр – дьыллар бүтэ охсоннор, эйэлээх олох сатыылыырыгар туохтааҕар да ордук баҕарабыт.