Үөһээ Бүлүү 90 сыла.

Тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт төрүттэммитэ 90 сылынан, оскуола _о5олоругар “Үөһээ Бүлүү – мин_ _дойдум” диэн уруһуй_ күрэ5ин түмүгэ таҕыста. Курэххэ барыта 13 о5о кыттыыны ылла. О5олор, улуустарын , харахтарыгар ойуулаан көрөн, дойдуга тапталларын биллэрэн ис сүрэхтэриттэн уруһуйдаабыттара өтө көстөр. Бу курдук дойдуга бэриниилээх буолалларыгар иитии, үөрэтии биир көрүҥэ буолара саарбаҕа суох. Алын сүһүөх кылаастарга 3 м […]

Доруобуйабыт – бэйэбит илиибитигэр.

Олунньу ый 11 күнүгэр, доруобуйа күнүн чэрчитинэн, Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар, сарсыардаттан бэрт сонун, сэргэх тэрээһиннэр саҕаланнылар. Ол курдук сүрэх уонна тымыр ыарыыларын хайдах сэрэтэр туһунан лекция5а ону тэҥэ хамсаныы, тыыныы көмөтүнэн доруобуйаны көннөрүү сэрээккэ буолан ааста. Лекцияны уонна доруобуйаны көннөрөр хамсаныылары көрдөрдө, Саха Республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна, сиэстэрэ идэлээх, Светлана Тимофеевна Алексеева. Ол курдук […]

Үөһээ Бүлүүбүнэн киэн туттабын!

Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэмитэ 90 сылын көрсө, Мэйик олохтоох библиотекатыгар хамаандаҕа үстүү киһилээх викторина буолан ааста. Барыта биэс хамаанда кыттыыны ылла. Ол курдук “Кунчээн” детсад коллективыттан Марианна Михайловна Барахова, Александр Николаевич Потапов, Василий Алексеевич Муксунов, оскуола коллективыттан, Марианна Васильевна Егорова, Анисия Егоровна Тимофеева, Зоя Васильевна Бускарова, администрацияттан, Марианна Степановна Потапова, Вячеслав Романович Федотов, Пётр Васильевич […]

Ленинград – блокадататтан босхоломмут күнэ.

Ленинград куорат блокадаттан босхоломмут күнүн чэрчитинэн, тохсунньу ый 28 күнүгэр, олохтоох библиотека5а оскуола о5олоругар библиотечнай уруок буолан ааста. Манна Ленинград куорат босхолонуутун туһунан сурдээх интэриэһинэйдик сэһэргээтэ ону тэҥэ ол ааспыт дьулаан кэмнэр хаартыскаларын презентациянан көрдөрдө , Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Чириков Иван Петрович. Бу маннык дьалхааннаах историческай кэмнэри о5о билиэхтээх, үөрэтиэхтээх уонна инникитин кэлэр көлүөнэ5э […]

Интернеттэн – тэйэ түһэн.

Тохсунньу ый 24 күнүгэр олохтоох библиотека5а “Биир күн – интэриниэт ситимэ суох ” диэн биир эмиэ сэргэх тэрээһиҥҥэ, Мэйик сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрэ – көтө кыттыстылар. Манна сүрүн уратытынан буолла, биир күн устатыгар о5олор телефону туппаккалар, араас быһыылаах оонньуулары оонньоотулар, кинигэ аахтылар, ойуу арааһын таһаардылар. Телефона, интернета суох күнү эмиэ туһалаахтык атаарыахха сөп эбит диэн […]

Опрос Министерства культуры РФ

Уважаемые посетители!Просим Вас оценить работу нашей организации, пройдя по ссылке: https://forms.mkrf.ru/e/2579/xTPLeBU7/?ap_orgcode=150220076Министерство культуры Российской Федерации приглашает Вас принять участие в оценке удовлетворенности граждан работой государственных и муниципальных организаций культуры, искусства и народного творчества. Исследование проводится с помощью анонимной анкеты. Анкета заполняется просто. Внимательно прочитайте вопросы анкеты и выберите тот вариант ответа, который является наиболее подходящим для Вас. […]

Эрчимнээх УТЭ “Эрчим – 72” байыастара Мэйиккэ

Ахсынньы ый 20-21-22 күннэригэр, саҥа дьылы көрсүһэ, “Уонна хаһан…?! Программанан, Эрчим – 72 ветеран байыастар, Мэйик нэһилиэгэр ыалдьыттаан, нэһилиэк дьонун – сэргэтин кытта билсэн, уопут атастаһан, нэһилиэги сэргэхситэн бардылар. Кэлбит күннэригэр, Мэйик аартыгар көрсүүнэн са5аланна, нэһилиэк администрациятыгар үөрүүлээх быһыыга – майгыга, сахалыы сиэринэн, алгыстаах алаадьынан көрүстүбүт. Тэрээһиннэр 21 чыыьылаҕа, сарсыардаттан тигинэччи тэриллибит буолан, күммүтүн билбэккэ […]

Сэрээккэлээн-чэбдигириэх.

Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, ахсынньы  ый 10 күнүгэр, КДУ сынньалаҥ киинигэр, “На зарядку становись” сарсыардааҥы сэрээккэ, нэһилиэк олохтоохторугар, тэрилтэ бары үлэһиттэригэр сурдээх сэргэхтик буолан ааста. Ол курдук, Иван Игоревич салайааччылаах, администрация үлэһиттэрэ күргүөмүнэн киирэн кыттыыны ыллылар ону тэҥэ оскуола коллектива бу да сырыыга туора турбата.        Доруобуйа күнүгэр аналлаах тэрээһиннэргэ өрүү көтүппэккэ сылдьар, Алина Семёнованы хайҕыы көрөбүт, […]

Мэйиккэ – харыйа уота умайда!!!

Бугун, ахсынньы 6 күнүгэр “КыҺын Саха сириттэн, саҕаланар” тэрээһин чэрчитинэн, Мэйик нэһилиэгин харыйатын уота  сандаарар, кэрэ түгэнигэр, нэьилиэк олохтоохторо муһуннулар.       Чысхаан оҕонньору, Хаарчаананы, о5о – аймах чуор саҥатынан, чугдаарар күлүүтүнэн ону тэҥэ, Микки Маустар, куобахтар, эҕэрдэлии көрүстүлэр.       Үөрүү – көтүү кыымын саҕан, саһар5алыы сандаарыйан, харыйабыт уота, күлүмүрдүү умайда.          Харыйа тула хааман, хороводтаан ыллыбыт, кэлэр сылы […]