Олунньу ый 11 күнүгэр, доруобуйа күнүн чэрчитинэн, Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар, сарсыардаттан бэрт сонун, сэргэх тэрээһиннэр саҕаланнылар. Ол курдук сүрэх уонна тымыр ыарыыларын хайдах сэрэтэр туһунан лекция5а ону тэҥэ хамсаныы, тыыныы көмөтүнэн доруобуйаны көннөрүү сэрээккэ буолан ааста. Лекцияны уонна доруобуйаны көннөрөр хамсаныылары көрдөрдө, Саха Республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна, сиэстэрэ идэлээх, Светлана Тимофеевна Алексеева. Ол курдук Стрельникова методикатынан тыыныыга дьарыктаныыны көрдөрөн, дьон – сэргэ сурдээ5ин интэриэһиргээн туран иһиттилэр, хамсаныыларын тэҥҥэ оҥорон көрөн чахчы да5аны астыннылар уонна биһирээтилэр. Кырдьыга да, хас күн аайы дьарык гынан, хас үүнэр күн ахсын ити хамсаныылары оҥорорбут эбитэ буоллар, доруобуйабыт биллэ тупсуох эбит. Светлана Тимофеевна библиотека5а эрэ сылдьыытынан муҥурдаммакка, алын сүһүөх уонна орто сүһүөх кылаас оҕолорун кытта көрүстэ, о5олор сурдээ5ин сэҥээрэ иһиттилэр, элбэх сүбэ – ама ыллылар. Эбиэт кэннэ нэһилиэнньэни кытта хат көрсөн, туһалаах эрчиллиилэри көрдөрөн, элбэх дьон сэҥээриитин ылла. Инникитин да медик идэлээхтэрбит, доруобуйаны көрүнэ сылдьалларын курдук элбэх туһалаах сүбэлэри кэлэн биэрэ сылдьаллара буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Светлана Тимофеевна этэригэр диэри, хас биирдии киһи доруобуйата бэйэтиттэн тутулуктаах, кырдьыга да, сөпкө тыынан, эппитин – хааммытын чэбдигирдэн, сөптөөх аһылыгы аһаан, доруобуйабытын бэйэбит көрүнүөх тустаахпыт. Бу курдук, Мэйикпит нэһилиэгэр, доруобуйа күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, биир эмиэ сэргэх оптуорунньук күнэ буолан ааста. Чөл, доруобай, чэгиэн буолуох!











