Үөһээ Бүлүүбүнэн киэн туттабын!

Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэмитэ 90 сылын көрсө, Мэйик олохтоох библиотекатыгар хамаандаҕа үстүү киһилээх викторина буолан ааста. Барыта биэс хамаанда кыттыыны ылла. Ол курдук “Кунчээн” детсад коллективыттан Марианна Михайловна Барахова, Александр Николаевич Потапов, Василий Алексеевич Муксунов, оскуола коллективыттан, Марианна Васильевна Егорова, Анисия Егоровна Тимофеева, Зоя Васильевна Бускарова, администрацияттан, Марианна Степановна Потапова, Вячеслав Романович Федотов, Пётр Васильевич Дьоллоохов, КДУ сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ, Джемма Иннокентьевна Федотова, Августина Михайловна Иванова, Семён Павлович Васильев ону тэҥэ библиотека тэрээһинигэр өрүү кыттар дьиэ кэргэн, Лидия Семеновна Семёнова кыыһа Людмила Ильиничналыын, сиэнэ Люсьеналыын. Күрэх сүрдээх сэргэхтик ааста, хамаандалар бэлэмнээх кэлбиттэрэ тута көһүннэ ону тэҥэ, өссө төгүл билиилэрин хаҥатан барбыттара буолуо диэн бүк эрэллээхпит. Дьүүллүүр сүбэнэн үлэлэстэ, Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Иван Петрович Чириков. Күрэх түмүгүнэн 3-с миэстэни детсад коллектива, 2-с миэстэни оскуола коллективын хамаандата уонна бочуоттаах 1-кы миэстэни Лидия, Людмила, Люсьена Семёновалар ылары ситистилэр. Манна даҕатан этэр эбит буоллахха, Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ “Бастыҥ аа5ар дьиэ кэргэн” ахсааныгар киирэр ыаллартан биирдэстэрэ. Бу курдук, тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт 90 сылын көрсө, Мэйик нэһилиэгэ дьоһун тэрээһининэн кыттыста.