Ахсынньы ый 20-21-22 күннэригэр, саҥа дьылы көрсүһэ, “Уонна хаһан…?! Программанан, Эрчим – 72 ветеран байыастар, Мэйик нэһилиэгэр ыалдьыттаан, нэһилиэк дьонун – сэргэтин кытта билсэн, уопут атастаһан, нэһилиэги сэргэхситэн бардылар. Кэлбит күннэригэр, Мэйик аартыгар көрсүүнэн са5аланна, нэһилиэк администрациятыгар үөрүүлээх быһыыга – майгыга, сахалыы сиэринэн, алгыстаах алаадьынан көрүстүбүт. Тэрээһиннэр 21 чыыьылаҕа, сарсыардаттан тигинэччи тэриллибит буолан, күммүтүн билбэккэ аһардыбыт. Ол курдук сарсыарда 9 чаастан оскуола о5олорун кытта көрсүһүү, кылаас чаастара сурдээх истиҥник уонна сылаастык аастылар. Эрчим – 72 автотуру салайан кэлбит, Евдокия Васильевна Игнатьева, 4-с кылаастарга интэриэһинэй кылаас чааһын ыыппыта кэрэхсэбиллээх, оҕолор билэллэрэ элбэҕин хай5аабытыттан астынныбыт. Салгыы үөһэ кылаастарга, дойдуга таптал, бэриниилээх буоларга диэн ааттаан, кылаас чаастара эмиэ истиҥник аастылар.
Эбиэт кэннэ лоп курдук 3 ч маастар кылаастар ыытылыннылар, кэлбит ыалдьыттар уонна нэһилиэкпит уус тарбахтаахтарын быыстапкалара турдулар. Мэйик нэһилиэгиттэн Юлия Викторовна Федорова кыбытык тигиилэрэ, Айталина Васильевна Иванова кылынан, сиэлинэн оҥоһуктара ону таһынан Екатерина Мартовна Спиридонова андаатар сыатыттан хайдах маас оҥорорун уонна улар куолайыгар мунньуллубут оту-маһы хайдах чэй оҥостон иһэрин сэһэргээтэ. Кэлбит ыалдьыттартан кылтан, Лидия Егоровна Богатырева, макраме5а Клара Афанасьевна Иванова ыытаннар, дьон сэҥээриитин ыллылар. Араас эгэлгэ, дьикти – кэрэ быыстапкалар турдулар.
Киэһэтин, 6 ч Эрчим – 72 бэтэрээн байыастар нэһилиэнньэни кытта кыттыгас кэнсиэртэрэ буолла. “Уонна хаһан…?!” хоһоонноро, ырыа-тойук дэлэччи, сахалыы таҥас кэтэн сайбастылар, Роман Богатырев бэйэтэ айбыт хоһооннорун аахта, Амма кыыһа Марина Смитина “Аммам эн курдук” ырыатынан киэргэттэ, баянынан доҕуһуолунан ырыа кэһиилээх, Федот Богимов, оччотооҕуга Маай учаастагар үлэлии сылдьан, үлэнэн эрэ муҥурдаммыт буолбатахтар этэ, көрдөөх – көрүдьүөс кэмнэр эмиэ бааллар этэ диэн, ол кэмнэртэн көрдөөх түгэннэри кэпсээтилэр. Мэйик нэьилгиттэн ырыаны өрө туппут ылбаҕай ырыаһыттар кыттыыны ыллылар, Ариан Федоров, Семен Васильев, Иван Павлов, Николай Саввинов, Алёна Федотова ону тэҥэ чэпчэки чэпчэкитик дугунан Узбекскай үҥкүүнэн бэлэх уунна, Валентина Попова. Манна нэһилиэк баһылыга, Иван Игоревич кэлэ сылдьыбыт бэлиэ5итнэн уонна кэлэн иһэр саҥа дьылынан диэн, эҕэрдэлээн, сэмэй бэлэхтэри туттарда. Ону таһынан Үөһээ Бүлүү улууһун түмсүүлэрин салайааччыта, Ирина Васильевна Потапова, Саха Республикатын норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Георгий Алексеевич Степанов, Мэйик сүрүн оскуолатын директора, Николай Анисимович Саввинов, “Кунчээн” детсад старшай воспитателя, Алёна Макарьевна Федотова кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Бу түгэҥҥэ оруобуна сөп түбэһиннэрэн, тыа хаһаайыстыбатыгар сүҥкэн кылаатын иһин, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын министерствотыттан, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна анал бэлиэ туттарылынна, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор, Герасимов Василий Илларионовичка. Наҕарааданы, Үөһээ Бүлүү тыатын хаһаайыстыбатын департаменын начальнига, Гаврильев Кирил Васильевич туттарда.
Концерт кэннэ 60-7-80-с сыллардааҕы ырыаларга уйдаран, остуол тула олорон сэһэргэһэн, итии төлөннөөх истиҥ биэчэр ааста. Бу түһүлгэни Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Россия журналистарын сойууһун чилиэнэ, Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Владимир Афанасьевич Федоров. Бу да киэьэ элбэх ырыа ылланна, Наталья Иванова, Галина Иванова, Джемма Федотова, куораттан дойдутугар күүлэйдии кэлэ сылдьар Агафья Баишева, Амматтан эдьиийдии балыстыылар, Розалия Сутакова, Александра Окорокова, бииртэн биир кэрэ ырыа ылланан, чуор куоластарынан, тэрээһини чахчы да тупсардылар. Бу да сырыыга, Федот Богимов туора турбата, илиитигэр баянын ылан, ырыаларын бэлэхтии олордо. Сарсынны күнүгэр, бачча кэлбиччэ диэн, нэһилиэги көрөн – истэн, СХПЖК элбэх сүөһүнү иитэн, тутан олорор Раиса, Василий Павловтар диэн эдэр ыалга баран, керен – истэн кэллилэр
Бу курдук толору, өрө күүрүүлээх тэрээһиммит түмүктэнэ охсон хаалбытыттан соһуйа быһыытыйан, дьоммутун өттүк харалаан, алгыс тыл маанытын этэн, дойдуларыгар атаартаатыбыт. Бу кэлэ сыдьар бириэмэлэригэр күүс – көмө буолбут комиссия бары састаабыгар, администрация, КДУ, оскуола-сад коллективыгар, чуолаан повардарга, Валентина Николаевна Матросова5а, Зоя Ивановна Семенова5а дириҥ махталбытын тиэрдэбит. ” Уонна хаһан олороору, уонна хаһан оҥороору…?!” диэн матыыбынан, тэрээһиммитин түмүктээн, кэлэр сылы ситиһиилээхтик көрсөрдүү бэлэм буоллубут.

















