Бугун, ахсынньы 6 күнүгэр “КыҺын Саха сириттэн, саҕаланар” тэрээһин чэрчитинэн, Мэйик нэһилиэгин харыйатын уота сандаарар, кэрэ түгэнигэр, нэьилиэк олохтоохторо муһуннулар.
Чысхаан оҕонньору, Хаарчаананы, о5о – аймах чуор саҥатынан, чугдаарар күлүүтүнэн ону тэҥэ, Микки Маустар, куобахтар, эҕэрдэлии көрүстүлэр.
Үөрүү – көтүү кыымын саҕан, саһар5алыы сандаарыйан, харыйабыт уота, күлүмүрдүү умайда.
Харыйа тула хааман, хороводтаан ыллыбыт, кэлэр сылы уруйдаан, ыллаан – туойан аастыбыт.
О5о-аймах мустаннар, оонньууну оройуттан туттулар, ыллаан да ыллылар, ункуулээн да ыллылар, хоһоон да аахтылар, астына – дуоһуйа оонньуулары, көҕүлүттэн туттулар.
Харыйабыт уота сандааран ,
Мөһүүрэлии мичилийэн,
Күлүмүрдэс уотунан,
Бар дьону угуйда.
















