Интернеттэн – тэйэ түһэн.

Тохсунньу ый 24 күнүгэр олохтоох библиотека5а “Биир күн – интэриниэт ситимэ суох ” диэн биир эмиэ сэргэх тэрээһиҥҥэ, Мэйик сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрэ – көтө кыттыстылар. Манна сүрүн уратытынан буолла, биир күн устатыгар о5олор телефону туппаккалар, араас быһыылаах оонньуулары оонньоотулар, кинигэ аахтылар, ойуу арааһын таһаардылар. Телефона, интернета суох күнү эмиэ туһалаахтык атаарыахха сөп эбит диэн биир санааҕа кэллилэр. Күндү төрөппүттэр, о5олоргутугар биир эмит маннык күнү анааҥҥыт сэргэхситин, элбэх кинигэтэ аахтаран, ис сүрэхтэн сэһэргэһэн санааларын сайа истиҥ.