Кыайыы 80 -н сыллаах үбүлүөйдээх сылын Мэйик нэһилиэгэ өрө күүрүүлээхтик бэлиэтээтэ . Ол курдук ыам ыйын 8 күнүгэр олохтоох библиотека дьиэтигэр “Георгиевскай лента” акцията буолан ааста, Мэйик оскуолатын 8лэ уруогун учуутала Айталина Васильевна маастар кылаас ыыппыта. Бу тэрээһиҥҥэ улаханныын оҕолуун сүрдээҕин сэҥээрэн туран сырыттылар.



