Олоҥхо дьыктаана.
Бугун, сэтинньи 26 күнүгэр, олохтоох библиотека дьиэтигэр, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын – өһүн, билиини – көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээ5и “ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА буолан ааста. Дьыктааны барыта биир о5о уонна 11 улахан киһи суруйда. Бары даҕаны эриэ – дэхси, туох да дьоһуннук суруйбуттар диэн бэлиэтии көрдүбүт. Ол курдук, 3-с бочуоттаах […]
ОЛОҤХО алыптаах эйгэтэ
Бугун, сэтинньи 26 күнүгэр, олоҥхо декадатын чэрчитинэн “ОЛОҤХО алыптаах эйгэтэ” диэн, олохтоох библиотека5а, оскуола оҕолоругар олоҥхо ааҕыытын тэрээһинэ буолан ааста. Олоҥхо туһунан билиһиннэрдэ, Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Иван Петрович Чириков, олоҥхо туһунан биктэриинэ ыытта, алын сүһүөх учуутала, Валентина Васильевна Попова. Оҕолор сурдээх үчүгэйдик олоҥхону билэллэрин бигэргэттилэр. Салгыы олоҥхо алыптаах эйгэтигэр киирэммит, олоҥхо ааҕыытын иһиттибит. Ол […]
Оптуорунньук – доруобуйа күнэ.
Сэтинньи 26 күнүгэр, В. Н. Титов аатынан культура сынньалаҥ киинигэр, нэһилиэк олохтоохторугар, тэрилтэ үлэһиттэригэр сарсыардааҥы ” На зарядку становись” сэрээккэ буолан ааста. Сэрээккэ5э детсад, олохтоох администрация, оскуола уонна КДУ коллективыттан кыттыыны ыллылар. Бу курдук хас оптуорунньук аайы чэбдигирдии күнэ сэргэхтик уонна интэриэһинэйдик ааһар диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Чэгиэн буолуҥ, чэбдик сылдьыҥ!
Доруобуйа күнэ.
Буоларын курдук, хас оптуорунньук аайы доруобуйа күнүнэн биллэриллэр. Бу да сырыыга Мэйик нэһилиэгин олохтоохторо сонун уонна сэргэх Йога хамсаныыларыгар эрчиллиигэ кытыннылар. Маннык интэриэһинэй, доруобуйаҕа биир эмиэ сүҥкэн туһалаах Йога хамсаныыларын, элбэх оҕолоох ийэ, Екатерина Мартовна Спиридонова иилээн ыытта. Көрөргө боростуой гынан баран, ис иһигэр киирэн оҥордоххо киһини тиритиннэрэр уонна элбэхтэ хатылаан дьарыктаннахха эрэ сатанар эбит […]
Ырыа күнэ.
Алтынньы ый 1 күнүгэр – музыка күнэ. Музыка күнүн чэрчитинэн, олохтоох библиотека5а биллэр композитор, музыкант Д. Д. Шостаковичка аналлаах, кини айбыт музыкаларынан уруһуй быыстапката турда. Д. Д. Шостакович 1906 сыллаахха Санкт Петербурга төрөөбүт уонна улааппыт. Сүүрбэччэ сааһыгар “Бастакы симфония” музыканы айан онтон ыла биллэр буолан барбыт. Оҕолор сүрдээҕин кыһаллан туран уруһуйдаан аҕалбыттар,талааннаах композитор, музыкант Шостакович […]
Доруобуйа күнүнэн.
“Оптуорунньук доруобуйа күнэ” чэрчитинэн, алтынньы ый 1 күнүгэр, Мэйиктээ5и КДУ сынньалаҥ киинигэр, олохтоохтор, тэрилтэ үлэһиттэрэ кыттыылаах, эти – хааны чэбдигирдэр, муусука доҕуһуоллаах сэргэх сэрээккэ буолан ааста. Бу курдук, күннээҕи үлэ5э чэбдик, тэтиэнэх сылдьарга анаан, биир эмиэ дьоьун доруобуйаҕа туһалаах оптуорунньук буолан ааста диэн этиэ5и баҕарыллар. Кэлэр оптуорунньукка, элбэх оҕолоох ийэ, Екатерина Мартовна йога эрчиллиилэрин көрдөрөрүн […]
Боҕуруоскай от – киһиэхэ туһата.
Хас оптуорунньук аайы ыытыллар доруобуйа күнүн чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ кыттыһан, Мэйик олохтоох библиотекатыгар “Боҕуруоскай (чэбириэс) от туһатын” туһунан сурдээх истиҥ, интэриэһинэй кэпсэтии буолан ааста. Маннык дьикти эмтээх үүнээйи Үөһээ Дьааҥыга үүнэрин да быһыытынан, дойдулаах киһи сиэринэн, эмтээх отун тутан туран, бу от туохха туһалааҕын, хайдах иһиллэрин кэпсээтэ, Мэйик сурун оскуолатын учуутала, Чириков Иван Петрович. Ол […]
Дорообо, Көмүс күһүн.
Бала5ан ыйын 21 күнүгэр, “Дорообо, Көмүс күһүн” оскуола иһинэн ыытыллыбыт бырааһынньыкка “Күһүҥҥү долгураҥ”диэн төрөппүтү кытта оҕо кыттыылаах хоһоон күрэһэ буолан ааста. Хас биирдии кылаастан ийэ оҕотун кытта истиҥ – иһирэх хоһооннору бар дьон иннигэр аа5ан иһитиннэрдилэр. Маннык тэрээһин төрөппүт уонна о5о биир ситим буоларыгар ону тэҥэ бэйэ бэйэлэригэр сылаас сыһыан олохтоноро саарбаҕа суох. Хайдахтаах да […]
Чэгиэн – чэбдик күнэ.
Улуус үрдүнэн ыытыллар “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” – бырайыак чэрчитинэн, Мэйик нэһилиэгин бары үлэһиттэрэ, оскуола о5олоро кыттыылаах сарсыардааҥы сэрээккэ, сынньалаҥ пааркаҕа буолан ааста. Сэрээккэни иилээн ыытта, Мэйик сурун оскуолатын учуутала, Иван Петрович Чириков. Сарсыардааҥы сибиэһэй салгынынан тыынан, эти-хааны эрчийэн, дьон – сэргэ уһугунна, үлэ – үөрэх күнүн үөрэ – көтө көрүстэ.Чөл, доруобай туруктаах, саҥа кэлбит […]
“Тыа сиригэр анаммыт олох” кинигэ презентацията.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгин ытык киһитэ, Константин Егорович Тимофеев туһунан бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторун, хаан-уруу аймахтарын истиҥ-иһирэх ахтыылара, араас сыллардааҕы хаартыскалара түмүллэн, кэриэстэбил кинигэ күн сирин көрдө.Ол курдук, бала5ан ыйын 11 күнүгэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр үйэлээх өйдөбүнньүк […]