“Эрчим 72” 52 сыл кэннэ.
Балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин Маай учаастагар дьикти, кэрэ, умнуллубат көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук 1972 сыллаахха “Эрчим” студенческай этэрээт Маай учаастагар, сайыҥҥы бириэмэҕэ икки ыйга тигиниччи үлэлээн “Эрчим” диэн бастакы хотону тутан барбыттар. Оруобуна 52 сыл буолан баран, эдэр сылдьан көччүйэ хаампыт алаастарыгар иккиһин эргиллэн кэлэннэр, ол ааспыт эдэр саастарын Уйадыйа, ахтан-санаан аастылар. […]
Доруобуйа күнэ.
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар “Вторник – День здоровья” бырайыак чэрчитинэн, нэһилиэк медиктара Павлова Раиса Николаевна,Николаева Заура Василтевна, оскуола о5олоругар “Доруобай аһылык – чөл олох төрдө” диэн беседа оҥордулар.Бу курдук, хас оптуорунньук ахсын хас биирдии тэрилтэҕэ доруобуйа күнүгэр аналлаах тэрээһин буолара ирдэнэр. Мэйик нэһилиэгэ бу бырайыакка кыттыһан, үлэбитин саҕалаатыбыт.
Кутурҕан уонна кэриэстэбил күнэ.
Россия күнэ.
Бүгүн, бэс ыйын 12 күнүгэр Россия күнэ бэлиэтэнэр. Онно анаан олохтоох библиотека кинигэ быыстапкатын ситэн – тупсан, силигилээн турар айыл5а5а туруорда, Валентина Васильевна уонна Елена Николаевна салайар лааҕырын оҕолоро хоһооннорун аахтылар, үҥкүүлэрин үҥкүүлээтилэр. Тэрээһин саҕаланыытыгар, Россия хайдах саҕыллан үөскээбитин туһунан Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Иван Петрович сэһэргээтэ. Бу курдук Россия күнэ о5олор өйдөрүгэр – санааларыгар […]
Улуу бэйиэт Александр Пушкин күнүгэр анаан.
Бэс ыйын 6 күнүгэр А. С. Пушкин 225 сылынан, нэһилиэк библиотекатыгар , Үөһээ Бүлүү улууһун, Республика биллэр оһуохайдьыта, Онхой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, билигин биһиги кэккэбитигэр суох, Вадим Константинов 1996 сыллаахха А. С. Пушкинна суруйбут анабыл хоһоонун, 3 кылаас үөрэнээччилэрэ аа5ан иһитиннэрдилэр. Ону тэҥэ Пушкин айымньыларынан кинигэ быыстапката турда. О5олор суруйааччы айымньыларын сэҥээрэ көрдүлэр – иһиттилэр, […]
Оһуохай күнэ.
Ыам ыйын 25 күнүгэр Сахабыт сирин үрдүнэн оһуохай күнэ биллэриллэн, бугун Мэйикпит туонатыгар, кыралыын-улаханныын оһуохайы оройуттан туттубут. Аал уот оттон, алгыстаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан айах туттулар, сиэр-туом оҥоһуллан, силикпит силигилии ситэн, үрдүк айыыларга сүгүрүйэн оһуохайдаан бардыбыт. Кэлбит дьон бары кэриэтэ сахалыы таҥаһы сайбаччы кэтэннэр түһүлгэҕэ киирдилэр, алгыска кыттыһан, оһуохайдаан дайдылар. Оһуохайы таһаарда,СССР культуратын туйгуна ,сцена […]
Пионерия күнэ.
Бугун, ыам ыйын 20 күнүгэр, олохтоох библиотека дьиэтигэр, Пионерия саха сиригэр тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста. Төһө да сыллар-хонуктар аасталлар, ааспыт кэмнэри кэрэһэлиир, сэһэн гынан сэһэргиир, ол ыраах кэмнээҕи пионер о5олор хамсаабат күлүктэрэ, дьоллоох о5о саас кэрэ кэмнэрин бүгүҥҥү күҥҥэ санатан аастылар. Дирбиэннээх – дарбааннаах, горн, барабан доҕуһуоллаах слеттар, походтар, өрө күүрүүлээх тимуровскай […]
Дьиэ кэргэн күнэ.
Россияҕа Дьиэ кэргэн, Республикабытыгар о5о сыллара биллэриллибитинэн, дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн “Аа5ар муннугум” диэн дьиэтээ5и библиотека куйаар ситимин нөҥүө буолан ааста. Манна барыта 5 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла, ол курдук алын сүһүөх кылаастан 3 кылаас үөрэнээч итэ Нарияна Иванова дьиэтээ5и библиотекатынан кыттан 3 – с бочуоттаах миэстэни, 2-с миэстэни Талбан Федоров 4 кылаас үөрэнээччитэ, 1 […]
Мэйик сурун оскуолата “Кыайыы былааҕын” акциятыгар кытынна. Аалай кыһыл былаах сэрии сылларыгар кыайыыга кынаттаабыттара, кыайыыны аҕалбыттара. Сирдьит сулус буолбуттарын туоһутунан элбэх хоьоонно хоьулунна, ырыа5а ылланна. Ильич знамятын тутааҕар Эр хорсун партия кэлбитэ, Ыстаалтан кутуулаах анда5ар Үөрүүлээх тылларын эппитэ. Берлиҥҥэ, Лондоҥҥа, Пекиҥҥэ Дьиэрэйэн тиийбитэ ол саҥа, Тыыннаахтан тыыннаахха Лениҥҥэ Дьон аймах аатыттан андаҕар. Лениммит Знамята ол […]
Кыайыы 79 сылын көрсө, олохтоох библиотека5а, Мэйик сүрүн оскуолатын Валентина Васильевна Попова салайар 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кыайыы кынаттаах ырыаларын, хоһооннорун аа5ан иһитиннэрдилэр, бар дьон санаатын көтөхтүлэр. Кыайыы иһин дойдуларын туһугар олохторун толук уурбут, хорсун дьоммутугар сүгүрүйэн тураммыт махталбытын аныыбыт. Кинилэр ааттара хаһан да умнуллубатын, өрүү өйдүү, саныы, ытыгылыы сылдьыаҕыҥ!