Дьиэ кэргэн күнэ.

Россияҕа Дьиэ кэргэн, Республикабытыгар о5о сыллара биллэриллибитинэн, дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн “Аа5ар муннугум” диэн дьиэтээ5и библиотека куйаар ситимин нөҥүө буолан ааста. Манна барыта 5 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла, ол курдук алын сүһүөх кылаастан 3 кылаас үөрэнээч итэ  Нарияна Иванова дьиэтээ5и библиотекатынан кыттан 3 – с бочуоттаах миэстэни, 2-с миэстэни Талбан Федоров 4 кылаас үөрэнээччитэ, 1 гы миэстэни 3 кылаас үөрэнээччилэрэ Эрсан Федоров, Рамиль Васильев ылары ситистилэр.
     Улахан сүһүөх кылааска 2 м Эрчим Чириков, Юлиян Иванов, 1 кы миэстэни Арсений Федоров дьиэ кэргэнинээн буоллулар.
         Бу курдук хас биирдии дьиэ кэргэннэ дьиэтээ5и библиотека баар буолуохтаах диэн сыаналыыбын. Оччо5о о5о да билиигэ – көрүүгэ тардыһыыта күүһүрүө этэ. Инникитин өссө элбэх дьиэ кэргэҥҥэ аа5ар муннук тэриллиэ, о5олорун билиигэ – көрүүгэ кынаттыахтара диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
         Кинигэ – суолдьут сулус,
         Кинигэ – билии төрдө,
         Кинигэ – санаа ситимэ,
         Кинигэ – кэмкэрдии сирдьитэ