Кутурҕан уонна кэриэстэбил күнэ.

Бэс ыйын 22 күнүгэр дойду үрдүнэн кутурҕан күнүнэн биллэриллэр. Ол курдук 1941 сыллаахха фашистскай Германия биһиги дойдубутугар соһуччу сэриинэн саба түспүтэ. Бу алдьархайдаах сэриигэ элбэх ыал аҕата, эдэр ыччаттар суох буолбуттара, сураҕа суох сүппүттэрэ. Онон бэс ыйын 22 күнүн Россияҕа кутурҕан уонна кэриэстэбил күнүнэн биллэриллибитэ.
      Биһиги нэһилиэктэн уопсайа 90 киһи ыҥырыллан барар, 37 киһи сэрии толоонуттан  эргиллибэтэхтэрэ. Кинилэри кэриэстээн,кинилэргэ  сүгүрүйэн тэрээһиҥҥэ кыттыһан, олохтоох библиотека кинигэ быыстапка туруорда.