Хас оптуорунньук аайы ыытыллар доруобуйа күнүн чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ кыттыһан, Мэйик олохтоох библиотекатыгар “Боҕуруоскай (чэбириэс) от туһатын” туһунан сурдээх истиҥ, интэриэһинэй кэпсэтии буолан ааста. Маннык дьикти эмтээх үүнээйи Үөһээ Дьааҥыга үүнэрин да быһыытынан, дойдулаах киһи сиэринэн, эмтээх отун тутан туран, бу от туохха туһалааҕын, хайдах иһиллэрин кэпсээтэ, Мэйик сурун оскуолатын учуутала, Чириков Иван Петрович. Ол курдук а5албыт отун оргуйбут ууга көөнньөрөн, кэлбит ыалдьыттарга амсаталаан, тэрээһини өссө төгүл ситэрэн – хоторон биэрдэ. Бу маннык настойдаан, сөтөлгө, иммунитет күүһүрдэргэ анаан иһиллэр эбит. Чэбириэс оппут сыттыын – сымардыын дыргыйан, чахчы да киһини угуйар, истэр иьэ олоруох курдук амтаннаах, дьикти эриэккэс от.




