Доруобуйа күнэ.

Буоларын курдук, хас оптуорунньук аайы доруобуйа күнүнэн биллэриллэр. Бу да сырыыга Мэйик нэһилиэгин олохтоохторо сонун уонна сэргэх Йога хамсаныыларыгар эрчиллиигэ кытыннылар. Маннык интэриэһинэй, доруобуйаҕа биир эмиэ сүҥкэн туһалаах Йога хамсаныыларын, элбэх оҕолоох ийэ, Екатерина Мартовна Спиридонова иилээн ыытта. Көрөргө боростуой гынан баран, ис иһигэр киирэн оҥордоххо киһини тиритиннэрэр уонна элбэхтэ хатылаан дьарыктаннахха эрэ сатанар эбит диэн түмүккэ кэллибит. Екатерина Мартовна, Йога хамсаныылара киһиэхэ эрэли үөскэтэллэр диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ  уонна өрүү бу курдук хамсаныылары оҥоро сылдьын диэн сүбэлээтэ – амалаата.
        Кэлэр оптуорунньукка, сонун, доруобуйа күнүгэр аналлаах интэриэһинэй  тэрээһини кэтэһэбит. Оптуорунньук – доруобуйа күнэ, чэгиэн, чэбдик буолуҥ!