Алтынньы ый 1 күнүгэр – музыка күнэ. Музыка күнүн чэрчитинэн, олохтоох библиотека5а биллэр композитор, музыкант Д. Д. Шостаковичка аналлаах, кини айбыт музыкаларынан уруһуй быыстапката турда.
Д. Д. Шостакович 1906 сыллаахха Санкт Петербурга төрөөбүт уонна улааппыт. Сүүрбэччэ сааһыгар “Бастакы симфония” музыканы айан онтон ыла биллэр буолан барбыт. Оҕолор сүрдээҕин кыһаллан туран уруһуйдаан аҕалбыттар,талааннаах композитор, музыкант Шостакович туһунан элбэ5и биллилэр, көрдүлэр – иһиттилэр.


