ОЛОҤХО алыптаах эйгэтэ

Бугун, сэтинньи 26 күнүгэр, олоҥхо декадатын чэрчитинэн “ОЛОҤХО алыптаах эйгэтэ” диэн, олохтоох библиотека5а, оскуола оҕолоругар олоҥхо ааҕыытын тэрээһинэ буолан ааста.
       Олоҥхо туһунан билиһиннэрдэ, Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Иван Петрович Чириков, олоҥхо туһунан биктэриинэ ыытта, алын сүһүөх учуутала, Валентина Васильевна Попова. Оҕолор сурдээх үчүгэйдик олоҥхону билэллэрин бигэргэттилэр.
      Салгыы олоҥхо алыптаах эйгэтигэр киирэммит, олоҥхо ааҕыытын иһиттибит. Ол курдук Валентина Васильевна салайар 4 кылааһа Көр Буурай олоҥхоттон, сурдээх үчүгэйдик быһа тардан аа5ан иһитиннэрдилэр. Ону тэҥэ 5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхоттон быһа тардан аахтылар.
       Бу курдук, олоҥхо декадатыгар аналлаах, биир эмиэ ураты, дьоһуннаахай тэрээһин ааста диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Олоҥхону аа5ан оҕо саҥарар саҥата, тылын баайа эбиллэр, үүнэр – сайдар, сахабыт тыла өлбөт – сүппэт, чэчириир кэскиллэнэр.