Кыайыы 79 сылын көрсө, олохтоох  библиотека5а, Мэйик сүрүн оскуолатын Валентина Васильевна Попова  салайар  3 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кыайыы кынаттаах ырыаларын, хоһооннорун аа5ан иһитиннэрдилэр, бар дьон санаатын көтөхтүлэр.      Кыайыы иһин дойдуларын туһугар олохторун толук уурбут, хорсун дьоммутугар сүгүрүйэн тураммыт махталбытын аныыбыт. Кинилэр ааттара хаһан да умнуллубатын, өрүү өйдүү, саныы, ытыгылыы сылдьыаҕыҥ!

Ахтабыт , саныыбыт , сүгүрүйэбит …

Мэйик нэһилиэгиттэн уоттаах сэриигэ уонна үлэ фронугар барбыт хорсун дьоммутугар аналлаах хаартыска быыстапката уонна ону тэҥэ “Кыайыы кынаттаах айымньылар” – диэн о5олор илиинэн оҥорбут кыайыыга аналлаах открыткаларын быыстапката турдулар.

Мэйик нэһилиэгэ кыайыы күнүн көрсө “Георгиевскай лента” акция5а кыттыыны ылла. Ол курдук улуу сэрии кыттыылаахтарыгар сүгүрүйэн туран, Мэйик сүрүн оскуолатын бары үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин түөстэригэр Георгиевскай лента иилилиннэ, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.

 Мэйикская сельская библиотека приняла участие во Всероссийской акции “Окна победы” приуроченный 79-й годовщине Великой Победе.

Саха республикатын күнэ.

Өрөспүүбүлүкэбит күнэ, Мэйиктээ5и библиотека5а  буолан ааста.       Ол курдук оскуола оҕолоругар Саха Республикатын олохтонуутун туһунан  библиотечнай уруок, биир дойдулаахпыт И. Н. Барахов туһунан сырдатылынна, манна эбии  историяны билиһиннэрэн  оскуолаттан география учуутала Иван Петрович сэһэргээтэ  ону таһынан медиавыставка, кинигэ быыстапката көрүүтэ. Манна аҥардас о5олор эрэ буолбакка, оскуола учууталлара эмиэ көрдүлэр – иһиттилэр.       Бу курдук Өрөспүүбүлүкэбит күнүн сахалыы […]

Бугун, муус устар 25 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин библиотекатыгар, Саха Республикатын күнүн чэрчитинэн Республиканскай ” Символ Якутии.  Я – патриот” – 2024 оскуола о5олоругар  олимпиада буолан ааста. Манна барыта алын сүһүөх о5олорун кытта холбоон 15 о5о кыттыыны ылла. Ол курдук алын сүһүөх кылаастартан, Эрсан Федоров, Нарияна Иванова, Рамиль Васильев, Талбан Федоров, Харысхан Михайлов, Ангела Иванова, улахан […]

Библионочь – 2024: “Читаем всей семьёй”

Библионочь – 2024: “Читаем всей семьёй” Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар Библионочь аахсыйаҕа кыттыһан, дьиэ кэргэттэргэ сэргэх тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Валентина Васильевна Попова салайар 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ дьиэ кэргэн туһунан сурдээх үчүгэй ис хоһоонноох ырыа ыллаан эйээртилэр, ону тэҥэ “Сказка о глупом мышенке” диэн остуоруйа көрдөрөн, тэрээһини киэргэтэн биэрдилэр. “Остуоруйалары ааҕабыт” дьиэ кэргэнинэн оруолларга киирэн […]

А5ас – балыс, убай – быраат күнүнэн!

   Бугун, муус устар 10 күнүгэр а5астыылар, балыстыылар, убайдыылар, бырааттыылар күннэрин чэрчитинэн, Мэйиктээ5и библиотека5а, бииргэ төрөөбүттүүллэргэ мүнүүтэҕэ аа5ыы күрэһэ буолан ааста. Барыта алта ыал о5ото кыттыыны ылла, ол курдук, Нарияна, Саина Максимовалар, Сайаана, Дайаана Еремисовалар, Алексения, Стасик Семеновтар, Сайаан, Санаайа Павловтар, Арсений, Эрсан Федоровтар, Мирил, Нарияна Ивановтар. Хас биирдии бииргэ төрөөбүттэр биир хамаанда буоланнар, биирдии […]

“Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэн”

Хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар. Учуутал киһи дууһатыгар, өйүгэр – санаатыгар, үлэтигэр – хамнаһыгар, оло5ун усталаах туоратын тухары сирдьит буолан хаалар.      Бугун, муус устар 9 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин библиотекатыгар, өр сылларга Мэйик оскуолатыгар үлэлээн ааспыт, элбэх о5о5о билии биэрбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СР үөрэҕэриитин туйгуна, СР үөрэҕэриитин бочуоттаах бэтэрээнэ Васильева […]

Эн аатыҥ, үйэлэргэ ааттана туруохтун!

Кулун тутар 23 күнүгэр, Мэйикпит нэһилиэгэр,эбэҥки поэта, талааннаах худуоһунньук Д. Н. Апросимов төрөөбутэ 95 сылыгар аналлаах”Хоһоонум – мин үйэм, оло5ум лоскуйа” диэн киэҥ далааһыннаах тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллан ааста. Поэт олорон, үлэлээн ааспыт түбэтигэр, маннык тэрээһиннэр 5-с сыл буола, буола тэриллэн , быйыл төрдүс төгүлүн ыытылынна.     Ол курдук ыраахтан кэлбит ыалдьыттарбытынан буоллулар: Дмитрий Нестерович уолаттара, […]