Бугун, муус устар 25 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин библиотекатыгар, Саха Республикатын күнүн чэрчитинэн Республиканскай ” Символ Якутии. Я – патриот” – 2024 оскуола о5олоругар олимпиада буолан ааста. Манна барыта алын сүһүөх о5олорун кытта холбоон 15 о5о кыттыыны ылла. Ол курдук алын сүһүөх кылаастартан, Эрсан Федоров, Нарияна Иванова, Рамиль Васильев, Талбан Федоров, Харысхан Михайлов, Ангела Иванова, улахан кылаастартан, Дамир Петров, Далаана Иванова, Арсений Федоров, Айсен Егоров, Андриан Николаев, Эрчим Чириков, Алгыс Спиридонов, Юлиян Иванов, Айастаан Семёнов кыттыыны ыллылар уонна Республиканскай туоһу суруктары туттулар.
Олимпиада боппуруостарыгар саха сиригэр сыһыаннаах, араас хайысхалаах боппуруостар бары киирбиттэр. О5олор төһө кыалларынан билэллэрин эппиэттии сатаатылар, саха о5олоро буолалларын быһыытынан, ханнык баҕарар боппуруоска чуо – бааччы эппиэттиир буолалларыгар үөрэтии да курдук, сөптөөх олимпиада буолан ааста диэн бэлиэтиэхпин ба5арабын.






