Биир дойдулаахпыт, Россия геройа Алексей Петров.

Бүгүн, ахсынньы 18 күнүгэр Мэйик нэһилиэгэр биир дойдулаахпыт, Россия геройа Алексей Рафаэлович аҕатын дойдутугар кэлэн оскуола оҕолорун , тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрсүһэн барда.Кылгастык оҕо сааһын туһунан ахтан -санаан ааста. Ол курдук аҕыйах да бириэмэҕэ буоллар Мэйик оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбытын, оҕо сылдьан кимнээҕи кытта алтыһан, оонньоон ааспытын сэһэргээн ылла. Түмүктээн эттэххэ аҕатын дойдутугар бэриниилээҕин , убаастабылын […]

Сэтинньи ый 25- Олоҥхо күнэ.

Олоҥхо саха омук былыыр былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ […]

Надежда Давыдовна Федоровалыын – быһа эфир.

Хас оптуорунньук аайы ыытыллар доруобуйа күнүн чэрчитинэн бүгүн олохтоох бибилэтиэкэҕэ Федорова Надежда Давыдовна НЛ Интернэшнл компания партнёра, Сунтаар киин балыыһатын бырааһын лекцията быһа эфиринэн буолан ааста.“Российскай реферальнай компания – НЛ туһунан билиһиннэрдэ, компания продукцията доруобуйаҕа туох туһалаа5ын сырдатта. Кэлбит ыалдьыттар сүрдээҕин сэҥээрэн олорон иһиттилэр. Ол курдук бу продукция элбэх битэмииннээҕин, киһи доруобуйатыгар олус туһалааҕын бэлиэтээтибит. […]

Первый президент Якутии

13 ноября 1937 году родился первый президент Якутии Михаил Николаев. Он был выдающимся государственным деятелем, лидером народа саха и истинным патриотом родной республики и России. Он был политиком мирового масштаба. Михаил Николаев установил тесные культурные, торгово-экономические и научно-технические связи с зарубежными странами, обеспечил выход республики во внешний мир, а также сделал особый вклад в формирование […]

Мэйик нэһилиэгэр – Биһирэм тыл күнэ”

Сэтинньи 6 күнүгэр, олохтоох бибилэтиэкэҕэ, Төрөөбүт Ийэ тылбыт харамньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтөрүөбүс Өлөксүөйэп- Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн ыытыллар ” Дапсы дьыктаанын” суруйуута буолан ааста.Хас сылын ахсын буоларын курдук олохтоохтор, күннээҕи үлэлэрин мүлүрүтэ охсон, кэлэн дьыктааны суруйан , сүрдээҕин сэргэхсийэн бараллар.Дьыктааны бэрэбиэркэлииргэ өрүү көмөлөһөр , саха тылын […]

Комсомол, мин суолдьут сулуһум.

Бүгүн, алтынньы ый 30 күнүгэр Комсомол , мин суолдьут сулуһум диэн урукку комсомолецтары кытта ааспыты ахтыһар истиҥ, сылаас көрсүһүү олохтоох библиотека дьиэтигэр буолан ааста. Оччотооҕу кэмнэри кэрэһэлээн кэпсиир хаартыскалары көрөн , ол ааспыт кэмнэргэ төннө түһэн , оҕочоос,эдэр сааһы эргитэн, элбэҕи ахтан-санаан аастылар. Ол курдук, Александра Ивановна, Валентина Васильевна, Галина Абрамовна, Любовь Романовна, Джемма Иннокентьевна, […]

Мир Един

Сегодня для учащихся Мэйикской школы, был проведен медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта библиотек РС(Я) «ЧИТАЕМ ВСЕ» к 90-летию И.Н. Егорова-Горного и Международному месячнику «Белая трость». В 2025 году медиа-урок посвящен 90-летию со дня рождения Ивана Николаевича Егорова-Горного, поэта Якутии, тифлопедагога, автора якутского шрифта по системе Брайля.

Кырыымпаһыт уол, Андрей.

Бүгүн олохтоох библиотекаҕа ыалдьыттаата ,Мэйик сүрүн оскуолатын выпускнига , СВФУ филологическай факультетын выпускнига , Дьокуускай куорат культура уонна сынньалаҥ пааркатын уус уран салайааччыта , кырыымпаны доҕор оҥостубут, Андрей Никифорович Саввинов . Кыра оҕо эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостубут баҕатын олоххо киллэрбититтэн сүрдээҕин астына , киэн тутта сэһэргээтэ .Андрейтан кырыымпаҕа оонньуур баҕа санааҥ хаһан биллибитэй диэн ыйыппыппар, […]

“Мы вместе” акцияҕа кыттыһан.

Бүгүн, алтынньы 17 күнүгэр олохтоох библиотека дьиэтигэр, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан ” Мы вместе” диэн акция чэрчитинэн Талисман добра Айталина Васильевна салайааччылаах оҕолор бэйэлэрин илиилэрин сылааһынан алгыстаах харысхаллары оҥордулар .Бу акцияҕа иккис сылбытын кыттаммыт сэмэй кылааппытын киллэрдибит .Инникитин эйэлээх олох буоларыгар баҕа санаабытын этэбит.

Саха судаарыстыбаннаһын күнэ

Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын күнүнэн Мэйик сүрүн оскуолатын оҕолоро сахалыы таҥастаах торжественнай линейкаттан саҕалаатылар. Салгыы олохтоох библиотекаҕа Өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын кэрдиис кэмнэрин туһунан улуустааҕы киин библиотека оҥорбут үөрэтэр -сайыннарар суолталаах матарыйаалын көрдүбүт-иһиттибит. 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Россия састаабыгар киирэр туспа суверенитеттаах судаарыстыба буолбуппут. Саха […]