Бүгүн, алтынньы ый 30 күнүгэр Комсомол , мин суолдьут сулуһум диэн урукку комсомолецтары кытта ааспыты ахтыһар истиҥ, сылаас көрсүһүү олохтоох библиотека дьиэтигэр буолан ааста. Оччотооҕу кэмнэри кэрэһэлээн кэпсиир хаартыскалары көрөн , ол ааспыт кэмнэргэ төннө түһэн , оҕочоос,эдэр сааһы эргитэн, элбэҕи ахтан-санаан аастылар. Ол курдук, Александра Ивановна, Валентина Васильевна, Галина Абрамовна, Любовь Романовна, Джемма Иннокентьевна, Айталина Семеновна, Лариса Николаевна, Екатерина мартовна элбэх үөрүүлээх да, мүччүргэннээх да түгэннэри кэпсээтилэр, үчүгэй да кэмҥэ олорон, үлэлээн-хамнаан ааспыттарын , күн бэҕэһээ буолан ааспыт курдук кэпсэтиһэн, харахтарыгар дьол кыыма ыһылынна.
Комсомолга киирбит дьоллоох түгэннэрин , туох үлэлэр баралларын ирэ-хоро сэһэргээтилэр, комсомольскай билеттэрин , значоктарын илдьэ сылдьалларын көрдөрдүлэр, кэлэр кэнчээри ыччакка туоһу гынан кэпсииргэ сүрдээх үчүгэй материаллар буолан харалла сылдьалларыттан чахчы да астына көрдүбүт.
Түмүккэ, оҕону үлэҕэ күүскэ сыһыаран , аҕаны кытта кыра эрдэхтэриттэн бииргэ алтыһыннаран үлэлэтиэххэ диэн бэйэлэрин баҕа санааларын эттилэр. Кырдьыга даҕаны үлэттэн өлбүт суох, үлэ киһини киэргэтэр, үлэҕэ үөрэммит оҕо туохха барытыгар бэлэмнээх буола улаатар диэн санаанан салайтаран , истиҥ сэһэргэһиибитин түмүктэтибит .















