Бүгүн, ахсынньы 18 күнүгэр Мэйик нэһилиэгэр биир дойдулаахпыт, Россия геройа Алексей Рафаэлович аҕатын дойдутугар кэлэн оскуола оҕолорун , тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрсүһэн барда.
Кылгастык оҕо сааһын туһунан ахтан -санаан ааста. Ол курдук аҕыйах да бириэмэҕэ буоллар Мэйик оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбытын, оҕо сылдьан кимнээҕи кытта алтыһан, оонньоон ааспытын сэһэргээн ылла.
Түмүктээн эттэххэ аҕатын дойдутугар бэриниилээҕин , убаастабылын көрдөрбүтүгэр биһиги биир дойдулаахтара үөрэбит , астынабын уонна чахчыта даҕаны киэн туттабыт.














