Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын күнүнэн Мэйик сүрүн оскуолатын оҕолоро сахалыы таҥастаах торжественнай линейкаттан саҕалаатылар. Салгыы олохтоох библиотекаҕа Өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын кэрдиис кэмнэрин туһунан улуустааҕы киин библиотека оҥорбут үөрэтэр -сайыннарар суолталаах матарыйаалын көрдүбүт-иһиттибит. 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Россия састаабыгар киирэр туспа суверенитеттаах судаарыстыба буолбуппут. Саха сирэ бэйэтин бас билиниитин тосхоллоро баар буолбуттара.







