Сэтинньи ый 25- Олоҥхо күнэ.

Олоҥхо саха омук былыыр былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.
2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ бэрэсидьиэнин N 3036 Ыйааҕынан 2006 сыл сэтинньи 15 к. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ол курдук, Мэйик олохтоох бибилэтиэкэтигэр үгэс быһыытынан Олоҥхо дьыктаана буолан ааста. Дьыктааны барыта алта киһи суруйда. Бары да кэриэтэ үчүгэйдик суруйдулар диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Бастыҥтан Бастыҥ суруксут аатын ылла, Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала Айталина Васильевна Иванова, Бастыҥ суруксут – Мэйик сынньалаҥ киинин уус уран салайааччыта Сардаана Николаевна Николаева уонна үчүгэй суруксут аатын ылары ситистэ , алын сүһүөх кылаас учуутала , Елена Николаевна Васильева.
Тылбыт баайа олоҥхоҕо баарын өйдөөн тураммыт,олоҥхону өрө тутан үүнүөҕүҥ, сайдыаҕыҥ, кэлэр кэнчээри ыччаттарга холобур буолуоҕуҥ. Саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!