Дьиэ кэргэн күнэ.

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн күнэ. Бу күн олохтоох библиотекаҕа, араас кэмнэргэ дьиэ кэргэнинэн күрэхтэргэ кыттыбыт хаартыскаларынан быыстапка турда. Улахан дьон, оҕо-аймах сэҥээрэн көрдүлэр, кэлэр тэрээһиҥҥэ үөрэ- көтө кыттыахпыт диэн эрэл кыымын сахтылар.Саха ыала өҥ тыыннаах,Саргы талаан тардыылаах,Саха ыала уот кыымнаахСайдар сырдык ыллыктаах.

Петр Поликарпович Одорусов 95 сылыгар.

Петр Поликарпович Одорусов (1931–2013) — Саха Сирин биллэр бэйээтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, РФ үөрэҕириитин туйгуна. Кини оҕолорго анаан элбэх хоһооннору, ырыалары суруйбут маанылаах учуутал-методист буолар.Олоҕун олуктараТөрөөбүт сирэ: 1931 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун II Үгүлээт нэһилиэгэр колхозтаах ыалыгар төрөөбүтэ.Үөрэҕэ: Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх орто оскуоланы, онтон 1955 […]

Кыайыы күнэ…

Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, В. Н. Титов аатынан култуура сынньалаҥ киинигэр Кыайыы 81 сылын көрсө ” Улуу кыайыы умнуллубатын” диэн нэһилиэк олохтоохтооругар викторина буолан ааста. Барыта үстүү киһилээх 8 -с хамаанда күөн көрүстэ. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн үһүс бочуоттаах миэстэни Март Афанасьевич Яковлев, Николай Николаевич Прокопьев, Иван Анисимович Павлов кыттааччылаах ” Дьөһөгөй” хамаанда ылла, иккис […]

Титов В.Н. 85 сылын көрсө.

Суруйааччы, прозаик, суруналыыс, СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Титов Василий Николаевич төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах “Этиллибэтэх кырдьыгы арай кини эрэ иһиттэ5э…” литературнай киэһэ, ыам ыйын 5 күнүгэр, В. Н. Титов аатынан култуура сынньалаҥ киинигэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллан ааста. Тэрээһиҥҥэ эрдэттэн ыйыллыбытын курдук, Далыр нэһилиэгэ кыттыһан, ураты тыыннанан, бэрт […]

“Дьоруой сардаҥата” акция

Ыам ыйын 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн ” Дьоруой сардаҥата” күнэ бэлиэтэннэ. Арассыыйа Дьоруойа Алексей Рафаэлович Петров сырдык кэриэһигэр анаммыт ” Дьоруой сардаҥата” акция улууспут хас биирдии библиотекаларыгар, түмэллэригэр киэҥник ыытылыннылар.Бу акция чэрчитинэн Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар дьоруой Алексей Петрову тэҥэ анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбытын кэриэстээн, оскуола оҕолоругар, кинилэр сырдык […]

Библионочь 2026

Норуоттар доҕордоһууларын сылыгар анаммыт, Бүтүн Россиятааҕы Библионочь тэрээһин Мэйик олохтоох библиотекатыгар, муус устар 18 күнүгэр буолан ааста. ” Доҕордоһуу оһуора” диэн дьиэ кэргэнинэн араас омук таҥастаах хаартыска күрэҕэр, 3 миэстэлэри ыллылар, Айаана, Ариан Санниковтар дьиэ кэргэттэрэ, Варвара, Александр Потаповтар, иккис миэстэни Василина, Мичилиинэ Павловалар, Алена, Вячеслав Федотовтар, маҥнайгы миэстэни Наталья, Ариан Федоровтар, Акулина, Иван Павловтар […]

Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ

Кулун тутар 31 күнүттэн, муус устар 4 күнүгэр диэри Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатын дьиэтигэр ” Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ” диэн оҕолор каникулларын кэмигэр түбэһиннэрэ, сүрдээх интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин уратытынан, Россияҕа норуоттар доҕордоһууларын бэлиэтинэн биллэриллибитинэн, хас биирдии күн темата онно олоҕуран оҥоһулунна. Ол курдук бастакы күнтэн саҕалаан ” Арассыыйа норуоттарын остуоруйалара” кинигэ быыстапката туруорулунна оҕолор […]

Саха сиригэр Комсомол 105 сылын көрсө.

Комсомол — мин сырдык сулуһум» диэн тыллар сэбиэскэй кэмнээҕи ыччат күүрээннээх олоҕун, доҕордоһуутун уонна инникигэ эрэлин көрдөрөр өйдөбүллэр. Саха сиригэр комсомол историята уонна кини суолтата маннык сүрүн түгэннэрдээх:                 Комсомол (ВЛКСМ — Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Ыччат Сойууһа) — Сэбиэскэй Сойууска 14-тэн 28-гар диэри саастаах ыччаты түмэр саамай бөдөҥ тэрилтэ этэ. Кини ыччаты үлэҕэ, үөрэххэ […]

Өксөкүлээх сардаҥата.

Бүгүн, саха сирин үрдүнэн биллибит, саха литературатын төрүттэспит, ырыаһыта-хоһоонньута, айар тыл аҕата, Алексей Елисеевич Кулаковскайга аналлаах ” Өксөкүлээх сардаҥата ” аахсыйа чэрчитинэн оскуола оҕолоругар ” Өксөкүлээх айымньыларын ааҕабыт” диэн библиотечнай уруок буолан ааста. Оҕолор сэҥээрэн олорон иһиттилэр, элбэҕи биллилэр, билиилэрин хаҥаттылар. Өксөкүлээх айымньыларыттан быһа тардыылары аахтылар, тылын-өһүн ырыттылар. Өксөкүлээх сардаҥата, сырдык кыым буолан сандаарда, сарсыҥҥы […]