Саха сиригэр Комсомол 105 сылын көрсө.

Комсомол — мин сырдык сулуһум» диэн тыллар сэбиэскэй кэмнээҕи ыччат күүрээннээх олоҕун, доҕордоһуутун уонна инникигэ эрэлин көрдөрөр өйдөбүллэр. Саха сиригэр комсомол историята уонна кини суолтата маннык сүрүн түгэннэрдээх:

                Комсомол (ВЛКСМ — Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Ыччат Сойууһа) — Сэбиэскэй Сойууска 14-тэн 28-гар диэри саастаах ыччаты түмэр саамай бөдөҥ тэрилтэ этэ. Кини ыччаты үлэҕэ, үөрэххэ уонна патриотическай тыынна иитэр сүрүн күүс буолбута.

                Саха сиригэр комсомол бастакы ячейкаларын тэриллиитинэн 1920-с сыллар буолаллар. 1921 сыл муус устар 3 күнүгэр Саха сирин комсомолун бастакы кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыта. Аалай уоттаах сулуһум: Бу тыллар элбэх ырыаларга, хоһооннорго туттуллаллар (холобур, «Аалай уоттаах сулуһум, айар-тутар суолдьутум, эн Комсомол — мин дьолум!»). Сүрүн үтүөлэрэ: Комсомоллар Гражданскай сэрии сылларыгар, колхозтары тэрийиигэ, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уонна дойдуну чөлүгэр түһэриигэ, БАМ курдук улахан тутууларга көхтөөхтүк кыттыбыттара.       Комсомол саха сиригэр тэриллибитэ 105 сылын көрсө, биир дойдулаахтарбыт ахтыыларын эһиги иннигитигэр таһаарабыт.

Мин комсомолга 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан киирбитим. Оччотоо5у нэһилиэк комсомольскай тэрилтэтин секретара, нуучча тылын учуутала Анастасия Афанасьевна биһигини эрдэттэн бэлэмнээбитэ. Комсомол туһунан, партия уураахтарын конспектаан сурунан үөрэппиппит.
Күһүн алтынньы ыйга кылааспытыттан хас да буолан Анастасия Афанасьевналыын Үөһээ Бүлүүгэ самолетунан көтөн тиийбиппит. Ол тиийэн үс этээстээх райкомол дьиэтигэр комсомол кэккэтигэр киирбиппит. Комсомолец буолан, барытыгар холобурга сылдьыахтаахпыт диэн өйдөөбүппүт.

Комсомол, комсомол,
Эн ыстаал кэккэ5эр киирэммин,
Бу улуу көңүл, дьол
Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин…

Советскай Союзка ыччаты патриотическай тыыңңа иитии күүстээх системата баара. Пионерия, комсомол туһунан элбэх сахалыы да, нууччалыы да ырыалары билэрбит, ыллыырбыт. Герой-пионердар, герой-комсомолецтар тустарынан, “Как закалялась сталь”, “Молодая гвардия” сэһэннэри аа5ан ол тыыныгар иитиллибиппит. Дойдубут инникитин санаан, дьоллоох олох туһугар үөрэнэбит, үлэлиибит диэн өйдөбүллээх этибит.

Онтон 90-с сылларга уларыта тутуу киирэн, дойду тутула уларыйан, партия, комсомол, пионерия эстибитэ.

Сардана Николаева

Биһиги көлүөнэ оҕолор бары даҕаны өктөбүрүөнэк, пионер, хомсомуол буола сылдьыбыт дьоммут. Бу сырдык ааттар барыбытын үчүгэйдик үөрэнэргэ, үлэҕэ, үөрэххэ көхтөөх буоларга, бэрээдэккэ, Ийэ дойдуну ытыктыырга сирдииллэрэ. Володя Ульянов мэтириэттээх өктөбүрүөнэк значогун иилинэн астыммыппын, пионер аалай хаалтыһын бааммыппын, долгуйа-долгуйа хомсомуолга киирбиппин билигин да умнубаппын. Үс сыл Валентина Терешкова аатынан этэрээт, онтон икки сыл Аркадий Петрович Гайдар аатынан пионерскай дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Дружина бэрэссэдээтэлэ буолан кыһыл хаалтыспын куруук баана сылдьарым. Нэдиэлэ ахсын пионерскай линейкалары, сбордары, тимуровскай хамсааһыннары тэрийсэрим. 1985 сыллаахха “Артек” лааҕырга сынньанан кэлэн, билиим-көрүүм өссө кэҥээбитэ. Кылааһым оҕолоругар хас биирдиилэригэр хатыламмат кэһиилээх кэлбитим уонна уопсай тэтэрээккэ суруммут ырыаларбын, речевкаларбын үөрэппитим. Барабаан, горн тыаһынан, “Взвейтесь кострами, синие ночи!” ырыаннан саас аайы Буор Ураһаҕа тахсан пионер күнүн ыларбыт, “Зарница” оонньуурбут. Ити сыл күһүнүгэр хомсомуолга киирбиппит.
Кылаас оҕолорун ол саҕана хомсомуол сэкиритээрэ Семенова Анастасия Афанасьевна арыаллаан илдьибитэ. Биһиги сөмөлүөтүнэн көтөн оройуоҥҥа киирбиппитин бары да өйдүүр эбиппит. Оройуон ортотугар турар үс этээстээх таас дьиэҕэ хамыыһыйаны ааспыппыт. Билигин ол дьиэ “Киновер”, нэһилиэк администрацията, оччолорго улахан тэрилтэлэр баар дьиэлэрэ быһыылааҕа. Онно куруук пионерскай слеттар, көрсүһүүлэр ыытыллаллара. Оройуон пионердара көрсүһэр дьиэбит этэ. Хамыыһыйа хомсомуолга сыһыаннаах ыйытыыларыгар долгуйа-долгуйа эппиэттээбиппит. Улахан дьоннуу дуоспуруннанан кэлэн, хомсомуол значогун иилинэн биир тутум үрдээбиппит уонна оскуола олоҕор кыттыһан киирэн барбыппыт. Хомсомуоллар оскуола саамай тутаах дьонноро этибит. Бары тутуспутунан хотон хаарын түһэрэ тахсарбыт, эбии аһылыкка дулҕа кырбыырбыт, өрөбүллэргэ ыанньыксыттарга тахсан көмөлөһөрбүт. Сайынын оскуола оҕото бары оттуурбут. Оройуоҥҥа ыытыллар күрэхтэргэ, пионерскай слеттарга, фестивальларга куруук кыттарбыт, хайаан да миэстэлэһэрбит. Октябреноктарга, пионердарга быраабылаларын үөрэтэрбит, уруок аахтарарбыт. Пионерскай хоско мустан куруук сүбэлэһэрбит. Онно пионер баһаатайбыт Валентина Васильевна сүбэ-ама буолара. Оччотооҕу учууталлар сүрдээх ирдэбиллээх, кытаанах, сороҕор оҕолуу наһаа истиҥ буолаллара. Бастакы уруок иннинэ директорбыт Егор Федорович биһигини сэрээккэлэтэрэ. Зоя Петровна ыйыытынан-кэрдиитинэн оскуолабытын ыбылы сууйан кэбиһэрбит. Оскуолабыт иһэ ыраас, уурбут-туппут курдук буолара. Татьяна Спиридоновна байаанын тыаһынан араас ырыалары үөрэтэрбит. Учууталларбыт биһигини кытта үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэллэрэ, ситиһиилэрбититтэн астыналлара. Аатырбыт “Артек” лааҕырга сынньанар чиэскэ тиксибиппэр “Мэйик кыымнара” юнкорпост салайааччытыгар, саха тылын, литературатын учууталыгар Зоя Петровна Игнатьеваҕа, пионерскай үлэҕэ сирдээбит учууталларбар Иванова Валентина Николаевнаҕа, Попова Валентина Васильевнаҕа махталым муҥура суох. Оҕо сааһым саамай умнуллубат кэмнэрин бэлэхтээбиттэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Мэйиккэ үөрэммит кэмнэрбин, өктөбүрүөнэк, пионер, хомсомуол кэммин өрүү истиҥник саныыбын, куруук ахтан-санаан ааһабын.
Марина Сергеевна Яковлева, 1985 сыллааҕы артековец, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Дьокуускай.

Мин 1973 сыллаахха комсомолга киирбитим . 1977 – 78 сылларга ,, Маай ” учаастагар үлэлээбитим , 1977 сыл райсовет депутатынан талаллыбытым . 1977 -78 сылларга ,, Эрчим ” хотонҥо Виктор Туманов , Леонид Лукин , Николай Семенов буоламмыт ыччат сүөһүнү көрбүппүт . Тас үлэһиппит сүрдээх бэһиэлэй , үлэни өрө туппут Ньукулай Ыстапаанап – Ньукуруу этэ . Оҕолор бары биир дьиэҕэ олорбуппут , сүрдээх эйэлээх этибит . Биригэдьиирдээбит Степан Макарович , Владимир Федоров этилэр . 1978 сыл дойду үрдүнэн көһө сылдьар Былааҕы ,, Үөһээ – Бүлүү ” совхоз ылбыта . Үлэлиирим тухары бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбытым. Эдэр ыччат оччолорго үгүстэрэ комсомол этилэр . Араас субуотунньуктар өрүү буолаллара . Араас нэһилиэктэргэ гастроллар . Опыт атастаһа шефтэһэ барарбыт . Сайын агитбиригээдэнэн фермаларга , отууларга сылдьарбыт . Дулҕа , кырьааһына , хотон сыбаҕа , ыанньыксыттары солбуйуу бу барыта эдэр ыччат үлэтин тас өртүнэн эбээһинэһэ этэ . Комсомл буолан сылдьыбыт сылларбын ахта – киэн тутта саныыбын , ол да иһин билигин да комсомолум билиэтин , значогун көрдөхпүнэ , ол ааспыт сыллар көстөн кэлэр курдуктар.
Лидия Семеновна Семенова.

О5о саас биир саамай чаҕылхай, бэлиэ тугэнинэн буолар комсомол кэккэтигэр киирии. Биһиги кылаас үксэ 8 – с кылааска уерэнэ сылдьан комсомол кэккэтигэр киирбиппит. Ол киирэрбитигэр комсомол устаабын нойосуус үөрэтэр этибит. Бастаан оскуола комсомольскай тэрилтэтэ устаабы төһө билэрбитин тутар этэ, ол эрэ кэннэ Үөһээ- Бүүлүүгэ киирэн оройуоннаа5ы комсомольскай тэрилтэ анал хамыыһыйатыгар устаабы, комсомолга сыьыаннаах бары боппуруостарга эппиэттээн комсомол чилиэнинэн буолар этибит. Ол барыта олус долгутуулаах буолара. Комсомольскай билет диэн олус күндү этэ. Ый аайы биир ыйыллыбыт чыыьыла5а взнос төлүүр буоларбыт. Комсомолга киирдиҥ да олох улааппыт курдук буола туһэрбит. Улахан эппиэтинэһи сүкпүт , дисциплиналаах, бэрээдэхтээх буоларбыт. Ол да курдук мин активист этим, буолар мунньахтарга, субботниктарга, тэрээһиннэргэ , фестиваалларга тиһигин быспакка сылдьарым. Өссө быыһыгар комсомольскай тэрилтэ секретарынан, казначейынан улэлээн сылдьыбытым. Оччолорго нэһилиэккэ ыччат элбэх буолан араас тэрээһиннэр, субботниктар буолаллара, бары көхтөөх үлэттэн чаҕыйан турбат дьон этибит. Доярка солбуйуута, дулҕа кырбааһына, сайын окко сылдьыы, саас сайылыкка көһүүгэ дьиэлэри сөргүтүү, ыраастааһын, оттук мас бэлэмэ, күһүөрү закупка сүөһү-сылгы өлөрүүтэ уо д а… Оччолорго биһиги эдэр ыччаттар эн-мин дэһиспэккэ бары биир иллээх дьиэ-кэргэн курдук улэлиирбит- сынньанарбыт.
Комсомол- ыччат үгүс өттүгэр олоххо көнө суолу сирдээбит биир чаҕылхай сулус быһыытынан биллэр буолуохтаах. Олоххо сөптөөх идэни талан, үлэ үөһүгэр олук уурбут тэрилтэ буолар.
Мин комсомол чилиэнэ буола сылдьыбыппынан киэн туттабын. Олохпор үгүс үтүө дьоннору кытта алтыһыннарбыт үтүө тэрилтэм, ячейкам буолар. Мин кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим. Маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэҕэ комсомолга киирээри уставпын туттара турабын: секретарь Дмитриева (Барахова)Роза уонна учууталбыт Федот Иванович Васильев.
Александра Ивановна Львова

Дьоллоох оҕо сааспытыгар комсомол кэккэтигэр ылыллан сүүрбүт-көппүт, ыллаабыт-туойбут кэрэ кэммит кыттыһан билигин ахтылҕан итии тыынынан илгийэр. Оройуоннааҕы комсомол комитетыгар киирэн, Ленин төбөлөөх значок түөскэр кэтэн дьиэҥ аанын аһан киирэриҥ орто дойду олоҕор дьол диэннэрэ бу этэ(Бэйэм да түргэнник улаата охсон комсомол ньыгыл  кэккэтигэр  киириэхпин олус баҕарарым). Ол үөрүүм-көтүүм  уоста илигинэ аны  оскуолаҕа  доҕотторум  маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн быыбардаабыттара. Инньэ гынан, мунньах тэрийэн, субуотунньукка көхтөөхтүк кыттан, араас күрэхтэһиилэри ыытан кыра дэриэбинэ да, оскуола  олоҕор да  сэргэхсийиини киллэрбиппит. Эбиитин оройуоннааҕы 27-с комсомольскай  конференцияҕа дэлэгээтинэн талыллан кыттыыны ылбытым олохпор биир умнуллубат түгэн буолбута.

     Салгыы Хоро орто оскуолатыгар тиийэн кылааспар комсорунан талыллыбытым. Онтон  оскуола комсомолецтара “Комсомольскай прожектор” начальнигынан анаабыттара. Онно миигиттэн биир сыл балыс Вася Петровтуун, Коля Семеновтыын биир санаанан уоттаахтык-күөстээхтик үлэлээн ааспыппыт. Биһиги кэтэһиилээх ол истиэнэ хаһыаппытыгар үөрэхтэригэр ситиспэт, бэрээдэги кэһэр оҕолору  кымньыы буолан  уотунан курбуулуурбут. Ыкса хойукка дылы олорон сүбэлэһии  бөҕө буоларбыт. Бырааһынньыктарга үһүө бэйэбит хардары-таары бэлэх бэрсиһэрбит. Комсомольскай зачету туйгуннук туттаран Хоро оскуолатыттан  мин уонна кылааһынньыгым Валериан Тобуков райкомол бэрэстэбиитэлиттэн анал значогу туппуппут. Билигин улуустааҕы спорткомитет начальнигын солбуйааччы Василий Тихонович Петрову кытта ол уолукпутунан тыыммыт, оройбутунан көрбүт оргуйар кэмнэрбитин сылаас тылларынан ахтан-санаан ааһабыт.

   Оскуола кэнниттэн Үөһээ Бүлүүгэ оройуон иһинээҕи оҕо тэрилтэлэрин комсомольскай тэрилтэтин сэкиритээринэн талыллан оччотооҕу оҕо дьон билигин да истиҥник, иһирэхтик саныыр “Ханнаҕыный эн, Күлүмчээнэ Куо?”диэн кэрэ кыргыттар күрэхтэрин тэрийэн ыыппытым. Киһи бөҕө кэлэн көрөн, астынан барбыттара. Онно хас да түһүмэхтээх куонкуруска Теремок дьыссаат ньээнньэтэ Ньургуйаана Иванова бастаан, кыайыы үөрүүтүн билбитэ. Ол Ньургуйаана Трофимовна Иванова-Филиппова билигин Саха араадьыйатыгар эрэдээктэринэн ситиһиилээхтик үлэлиир. “Биир идэлээхтэрбэр мин эдэрбэр кыраһаабыссалар күрэхтэригэр кыттан кыайбытым диэн киэн тутта кэпсиибин, ол тухары эн ааккын ааттыыбын”,- диэн биир көрсүһүүгэ махтаммыта.Өссө бииргэ үлэлиир иитээччибитин  Надежда Федотовна Андрееваны ССКПкэккэтигэр  киирэригэр диэн ходатайство түһэрбиппит. Оччолорго райкомол бастакы сэкиритээринэн Михаил Донской үлэлиирэ. Хаста да миэхэ иккис сэкиритээринэн кэл диэн ыҥырбытын бас быстарынан аккаастаммытым.

     Комсомол миэхэ элбэх доҕоттору билиһиннэрбитэ, общественнай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттарбар көҕүлээбитэ. «Аалай уоттаах сулуспун, айар тутар суолдьуппун Комсомолбун” сүрэҕим тэбэрин тухары умнар санаам суох!

                  Марта Силигиянова, СР үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал

1975 сыллаахха Мэйик нэһилиэгэр Маайдааҕы учаастагар библиотекарынан ананан үлэлии кэлбитим. Нэһилиэккэ оччотооҕу комсомол, нэһилиэк ыытар бары тэрээһиннэрин көҕүлээччилэр, салайааччылар. Ол саҕана тыа сирин үлэһит дьонун хааччыйар манна кыра да буоллар кулууп дьиэтэ, библиотека киинэ көрдөрөр сир, медпункт, маҕаһыын барыта баара.

            Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар учаастак ыанньык, субай сүөһү турар хотоннордооҕо. Уруккуттан олорон хаалбыт ытыктанар ыал кырдьаҕастар, колхоз, совхоз араас үлэтигэр миккиллибит үлэ бастыҥнара «Бочуот знага орден кавалера», «Үлэҕэ туйгунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар, ВДНХа кыттыылаахтара, Райсовет депутаттара, ыанньыксыттар, Анна, Николай Степановтар, Анна, Софрон Софроновтар, Акулина, Василий Павловтар, Ульяна, Михаил Федотовтар, Татьяна, Николай Уйгуровтар, Анастасия Осорова, Захар Прокопьев, Николай Ксенофонтов, Марфа, Егор Васильевтар үрүҥ илгэни, эмис эти дэлитиһэн, үлэлээн – хамсаан олорор кэмнэрэ этэ. Ол кэмнэргэ Мэйик нэһилиэгэр салайар үлэҕэ үлэлээбиттэрэ биригэдьиирдэринэн:Кириллин А.А., Степанов Г.А., Герасимов С.И., зоотехнигынан Иванова И.Е..

            Маай учаастага айылҕата, дьоно – сэргэтэ эйэҕэһэ хайдах эрэ ураты курдук. Ол иһин да манна эдэр ыччаттар, комсомоллар үөрэхтэрин бүтэрдилэр да, производствоҕа үлэлии тахсаллара үтүө холобур буоллаҕа.            

Галина Абрамовна Иванова, СССР культуратын туйгуна.

Мин комсомол кэмнэрим саамай үчүгэй бириэмэҕэ ааспыта. Аҕам Васильев Степан Макарович коммунист партия бэриниилээх киһитинэн биллэрэ.

            Кини хамнас ылла да эбэһээт партийнай взноһун бастакынан төлөөччү уонна наар октябренок, пионер, комсомол туох суолталаахтарын быһаарааччы, өйгө – сүрэххэ киирэр курдук. Ол курдук октябренок диэн В.И. Ленин – Ульянов сиэннэрэ буолаҕыт, онтон пионерга киирдэххинэ хаалтыс кэтэрдиэхтэрэ, хаалтыс диэн знамя сорҕото, онтон комсомол буоллаххына партиялаах кэкккэтигэр киирэргэ дьулуһуохтааххын онон үөрэххэ кыһаллан 4,5 сыаналарга үөрэниэхтээххин, толоруохтааххын, утары саҥарсар тыл суох буолуохтаах диэн үөрэппитэ, бу да сааспар диэри улахан дьону утары саҥарсыбакка наар үчүгэй өттүн быһаара сатыыбын.

            Мин комсомол кэккэтигэр сылдьарым тухары, убаастыыр учууталларым элбэххэ үөрэппиттэрэ, араас хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлара, араас сбордар, суботунньуктар бөҕө буолаллар, барыта оҕону умсугутар, үрдүккэ кынаттыыр, оскуолаҕа тардар тэрээһиннэр буолаллар. Ол кэмнээҕи үтүө – мааны учууталларбытыттан иҥэриммит билиибитинэн олох суолун устун этэҥҥэ айаннаан иһэбит, күндүтүк, сылаастык учууталларбытын, комсомол кэмнэрбитин ахта-саныы сылдьабыт

      Марианна Степановна Потапова.

Оҕо сааһым оскуолатааҕы кэмнэрим Ленинскэй оройуон (билигин Ньурба улууһа) Марха өрүс үрдүгэр турар Маалыкай бөһүөлэгэр ааспыта.

            Оскуолаҕа киирбит сылбытыгар өктөөп революциятын бырааһынньыгар «Улуу сирдьит В.И. Ульянов – Ленин сиэннэрэ буоллугут», – диэн Ленин төбөтө ойуулаах октябренок значогун иилбиттэрэ, аһара долгутуулаах этэ.

            Онтон төрдүс кылааска аны Пионерия күнүгэр, ыам ыйын 19 күнүгэр, пионер буолан, аалай кыһыл хаалтыһы баанан дьолломмуппут. Хаалтыһы умнан баамматахха кэлбит оҕону сэмэлииллэрэ, оннооҕор истиэнэ хаһыатыгар кытта таһаараллара.

            Араас пионерскай сбордар, тимуровскай хамсааһыннар буолаллара, ол курдук сэрии ветераннарыгар баран дьиэ таһыгар мас саһааннаан, хотон хаарын түһэрэн, араас субботниктарга көхтөөхтүк кыттарбыт.

            Кэлин 1976 сыллаахха саас комсомолга киирбитим. Комсомолга ыллылар да мээнэ значок иилбэттэр, комсомолга ылбаттар этэ. Устав бөҕөнү үөрэтэн, араас биллиилээх революционердары барыларын билэн, экзамен курдук туттаран, ылыллар этибит.

            Оччолорго оройуон киинигэр Ньурбаҕа элбэх буолан автобуһунан киирэн, бары комсомол үрдүк аатын ылан, ырыа-  тойук аргыстаах тахсыбыппытын өйдүүбүн. Аҥаардас райкомол дьиэтигэр, кыһыл дорожканан кабинетка хааман киирэр аһара долгутуулаах, сүрдээх эппиэтинэстээх этэ.

            Ол курдук түөспүтүгэр комсомол значога, илиибитигэр комсомольскай бэлиэлээх, киэн тутта соҕус, өссө олохпутугар ьиир үрдүк үктэлгэ тахсыбыппытыттан дьоллонон, туохха барытыгар эппиэтинэспит үрдээбитэ.

            Сотору – сотору комсомольскай мунньахтар  буолаллара, аны санаатахха патриотическай тыыҥҥа иитии эбит.

 Алексеева Александра Ивановна

Мин күн сирин Сэбиэскэй союзка социалистическай тутул саамай силигилээн турар кэмигэр көрбүтүм.
Онон оҕо сааһым, туох баар үөрэҕим кэрдиис кэмнэрэ, эдэр сааһым барылара Сэбиэскэй тутулга ааспыттара. Сэттэҕин туолан оскуола боруогун атыллааккын оҕо хамсааһына күүстээхтик саҕаланара. Ол курдук маҥнайгы кылааска Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ хоппут күнүгэр о э сэтинньи сэттис күнүгэр октябреноктар буоларбыт. Ол бэлиэтэ биэс сулустаах тимир значок этэ. Ортотугар Ленин эһэбит оҕо эрдэҕинээҕи мэтириэтэ баара. Ону биһиэхэ торжественнай линейкаҕа үрдүкү кылаастар түөспүтүгэр иилэллэрэ.
Үһүс кылааска Сэбиэскэй былааһы олохтообут сирдьиппит ВИ Ленин төрөөбүт күнүгэр кини памятнигын анныгар муус устар 22 күнүгэр пионерга киирбиппит. Онно саас буолан чаҕылыйан күн да күн этэ. Оччотооҕу оҕолор долгуйбуппут аҕай. Күн эһэбит ВИ Ленин памятнигын анныгар андаҕар тылларын нойосуус үөрэттэн эппиппит. Кып кыһыл хаалтыс баайбыттара улахан кылаастар.Онон орто бөлөххө пионерскай этэрээттэринэн арахсаммыт эмиэ сүрдээх интэриэһинэй кэмнэр ааспыттара.
Онтон улахан кылааска о а ахсыс кылааска Ленинскэй Комсомол кэккэтигэр киирбиппит. Комсомолга киириибит эмиэ сэтинньи сэттиһигэр Улуу Өктөөп күнүгэр этэ. Онно үрдүкү кылаастар рекомендация биэрэннэр комсомолга ылбыттара.Үрүҥ булууһалаах,хара юбка, бүрүүкэ таҥастаммыппыт.
ВИ Ленин мэтириэттээх значогу түөспүтүгэр иилбиттэрэ үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ. Эмиэ андаҕар тылларын эппиппит, ырыа ыллаабыппыт Кыһыл Знамя анныгар.
Знамя кыһыл өҥө Сэбиэскэй былаас олохтоноругар элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыылар буолбуттарын бэлиэтигэр диэн кэпсииллэрэ иитээччилэрбит, учууталларбыт.
Комсомолецтар бары өттүнэн алын кылаастарга холобур эрэ буолуохтаахтар дииллэрэ уһуйааччыларбыт. Ол чэрчитинэн араас үлэ бөҕөтө ыытыллара. Иитэр – үөрэтэр кылаас чаастара, торжественнай линейкалар, субботниктар, тимуровскай хамсааһыннар, слеттар, айылҕаҕа тахсааһыннар. Оскуолаҕа үлэ күөстүү оргуйара. Ким да туора турбата. Били девизкэ этиллэринии “Бары биир киһи туһугар, биир киһи барыбыт туһугар”диэн. Оскуоланы бүтэрэммит араас үөрэх кыһаларынан, үлэ тэрилтэлэринэн тарҕаспыппыт да иһин комсомольскай үлэ онно эмиэ салгыы салҕанара. Араас тэрээһиннэртэн туора турбат этибит. Ленинскэй Комсомол ыытар үлэтин кыһалламмыт толорорбут. Комсомолецтар барыга бары холобур буолар ыччаттар этилэр.
Сэбиэскэй кэмҥэ дьон, норуот олоҕор кэккэ чэпчэтиилэр бааллара.Кэлин былаас ыытар үлэтин хайдах эрэ атыннык хайыһыннарбатаҕа, салҕыы сайдыбыппыт буоллар бэрт буолуох этэ. Билигин КНДРга коммунизм хайдах курдук сайдыбытын бары көрө – билэ олороҕут. Биһиги дойдубут сөпкө тутан,тутуһан олорто буоллар хайдах буолуох этибит буолла…

Зоя Васильевна Бускарова.