Дьиэ кэргэн күнэ.

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн күнэ. Бу күн олохтоох библиотекаҕа, араас кэмнэргэ дьиэ кэргэнинэн күрэхтэргэ кыттыбыт хаартыскаларынан быыстапка турда. Улахан дьон, оҕо-аймах сэҥээрэн көрдүлэр, кэлэр тэрээһиҥҥэ үөрэ- көтө кыттыахпыт диэн эрэл кыымын сахтылар.
Саха ыала өҥ тыыннаах,
Саргы талаан тардыылаах,
Саха ыала уот кыымнаах
Сайдар сырдык ыллыктаах.