Петр Поликарпович Одорусов (1931–2013) — Саха Сирин биллэр бэйээтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, РФ үөрэҕириитин туйгуна. Кини оҕолорго анаан элбэх хоһооннору, ырыалары суруйбут маанылаах учуутал-методист буолар.
Олоҕун олуктараТөрөөбүт сирэ: 1931 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун II Үгүлээт нэһилиэгэр колхозтаах ыалыгар төрөөбүтэ.Үөрэҕэ: Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх орто оскуоланы, онтон 1955 сыллаахха Саха государственнай педагогическай институтун историко-филологическай факультетын бүтэрбитэ.Үлэтэ: 1956 сылтан Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Өр сылларга методист-учуутал быһыытынан үчүгэй көрдөрүүлэммитэ.
Петр Поликарпович Одорусов 95 сылынан, бэһис, маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр, олохтоох бибилэтиэкэҕэ олоҕун кэрчиктэрин, үлэлэрин туһунан сэһэргиир биьоиотечнай уруок буолан ааста ону тэҥэ Валентина Васильевна салайар маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэрэ Одорусов хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр.



