Кулун тутар 31 күнүттэн, муус устар 4 күнүгэр диэри Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатын дьиэтигэр ” Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ” диэн оҕолор каникулларын кэмигэр түбэһиннэрэ, сүрдээх интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин уратытынан, Россияҕа норуоттар доҕордоһууларын бэлиэтинэн биллэриллибитинэн, хас биирдии күн темата онно олоҕуран оҥоһулунна. Ол курдук бастакы күнтэн саҕалаан ” Арассыыйа норуоттарын остуоруйалара” кинигэ быыстапката туруорулунна оҕолор сэҥээрэн көрдүлэр – иһиттилэр ону тэҥэ ” Арассыыйа норуоттарын кинигэлэрэ” диэҥҥэ литературнай викторина, иккис күҥҥэ ” Арассыыйа норуоттарын атлаһа ” диэн география учуутала Иван Петрович Чириков библиотечнай уруок ыытта онтон салгыы күҥҥэ ” Төрөөбүт тылбытынан ааҕабыт” мүнүүтэҕэ ааҕыы күрэһэ, түмүктүүр күммүтүгэр ” Арассыыйа норуоттарын кырааскалара” маастар кылааһы Августина Михайловна Иванова өҥнөөх алмаас таастарынан араас норуот былааҕын оҥоттордо.
Бу курдук ” Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ” биир тыынынан сүрдээх интэриэһинэйдик ааста диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Кыттыыны ылбыт оҕолор элбэҕи эбиннилэр, үөрэннилэр,сынньалаҥнарын туһалаахтык атаардылар.
























