Элбэх о5олонуу – дьол.

Күндү ийэлэрбит, эбээлэрбит, эдьиийдэрбит, балыстарбыт, эһигини барыгытын сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит, баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, кэрэни! Этэллэр дии, кулун тутар 8 күнэ – сааскы бырааһынньык диэн, ол эрэн саас эһиги баар буолан кэлэр. Эһиги үөрдэххитинэ, оннооҕор былыттаах күн сандаарарга дылы, оттон эһиги аттыбытыгар […]

“Таптыыр сахам тылынан” сахалыы дьыктаан

Ааспыт нэдиэлэҕэ Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ” Таптыыр сахам тылынан” диэн оҕолорго Республиканскай дьыктаан буолан ааспыта. Дьыктааны 3-с, 5-6, 7-8 кылаас оҕолоро суруйбуттарыттан, бэһис кылаас үөрэнээччилэриттэн икки оҕо, Алексения Семенова, Эрсан Федоров туйгун сыанаҕа суруйаннар, үлэлэрэ улуус киинигэр ыытыллыбыттара.Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылынан сыысхала суох саҥарда, суруйа үөрэтиэххэ. Сахатын тылын таптыы, убаастыы улааттаҕына, тылбыт […]

“Дарите книги с любовью” акция

Бүгүн, олунньу ый 20 күнүгэр ” Дарите книги с любовью” кинигэ бэлэх акция чэрчитинэн, өрүү көхтөөхтүк кыттар, Яна Саввична Санникова сиэнэ Айталинкалыын, оҕолорго аналлаах олус интэриэһинэй, эриэккэс, уон үс устуука кинигэ аҕалан бэлэх ууннулар. Ону тэҥэ Сардана Николаевна Николаева сахалыы иис кинигэлэрин, сахалыы тар ас хайдах оҥоһуллар кинигэтин уонна оҕолорго сөптөөх икки үчүгэйкээн баҕайы кинигэлэри […]

Икки сүрэх холбоһон.

Таптыыр киһи сүрэҕэр тапталлааҕа мэлдьи күндү, кэрэ буолар. Харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, икки эдэр уоллаах кыыс харахтарыгар дьол кыымын ыһан, сүбэлэрин холбооннор, дьол уйатын туталлар, иэримэ дьиэни тэнитэллэр, дьол уйатын ууһаталлар.Тапталлаахтар күннэринэн күндү Мэйикпит нэһилиэгэр, атын да сиргэ олорор кэргэнниилэри, биир дойдулаахтарбытыттан, хайдах билсэн ыал буолбуттарын туһунан кэпсэтиини сурукка тиһэммит эһиги иннигитигэр таһаарабыт. 1983 сыл […]

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн!

Төрөөбүт тыл, сурук – бичик күнүнэн, олохтоох бибилэтиэкэҕэ үгэс быһыытынан дьыктаан суруйуута буолан ааста. Быйылгы дьыктаан уратытынан, дьыктааны ааҕааччы культура үлэһитэ буолуохтаах диэн. Ирдэбили толорон дьыктааны суруйтарда , КДУ сынньалаҥ киинин уус уран салайааччыта Сардаана Николаевна Николаева . Барыта алта киһи суруйбутуттан , иккитэ туйгун сыанаҕа , түөрдэ үчүгэй сыанаҕа суруйдулар.Бу курдук, сахабыт тылын күнэ […]

Ежегодно 27 января в России отмечается День полного освобождения Ленинграда от фашистской блокады, которая продолжалась 872 дня — дольше, чем любая другая осада в мировой истории. Несмотря на голод, холодные зимы и непрекращающиеся обстрелы, город и его жители не сдались врагу, продемонстрировав беспрецедентные мужество и стойкость. В эту дату в сельской библиотеке прошел урок мужества […]

200 лет М.Е. Салтыкову-Щедрину

Сегодня прошел особенный библиотечный урок, посвященный 200-летию Михаила Евграфовича Салтыкова-Щедрина. Мы начали с погружения в эпоху и судьбу писателя, чьё «острое” перо не теряет своей силы и сегодня. А затем урок превратился в литературный квест! Ребята, разделившись на команды, отправились по следам щедринских героев и афоризмов, выполняя разнообразные задания. Это был настоящий мозговой штурм и […]

Студент күнүнэн.

Бүгүн, тохсунньу 25 күнэ- устудьуон аймах күнүнэн биллэр. Төһө да сыл – хонук аастар, хас биирдии үөрэммит киһи, устудьуон сылларын, ол ыраах ааспыт, эдэр саас кэрэ, хатыламмат, дьикти, эриэккэс кэмнэрин, олус күндүтүк саныыр.Онон, урут устудьуоннуу сылдьыбыт доҕоттортон , ааспыт кэми сэгэтэн, ахтан- санаан ааһалларыгар , хаартыскалардаах, кылгас ахтыылары суруйалларыгар көрдөстүм.Бүгүҥҥү ахтыы суруйбут устудьуон дьоннорум, хаартыска […]

Тэлгэһэҕэ үүнэр эмтээх оттор.

Ааспыт оптуорунньукка, доруобуйа күнүн чэрчитинэн олохтоох дьаһалта дьиэтигэр, олорор тэлгэһэбититтэн хомуллубут эмтээх оттор тустарынан кэпсэтиһиигэ төгүрүк остуол буолан ааспыта. Ол курдук В. Н. Титов аатынан культура киинин уус уран салайааччыта Сардана Николаевна Николаева тиэргэниттэн хомуйбут отторун тустарынан сүрдээх истиҥник сэһэргээн, ол отторун аҕалан көрдөртөөн, чэй настойдаабытын амсаталаан, чахчы да сайыны санатар амтаннаах чэйи иһэммит бары […]

” Нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдар кэскилэ”

Ахсынньы ый 19 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр “Нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдар кэскилэ”* диэн төгүрүк остуол тула кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолан ааста. Төгүрүк остуол тула элбэх кэпсэтиилэр , инникигэ былааннар этилиннилэр . Бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан Александр Потапов, Екатерина Спиридонова, Анисия Тимофеева, чааһынай хаһаайыстыбалартан Олег Васильев, Иван Павлов,Марианна Потапова, Александра Львова, Айталина Иванова кытыннылар.Кэлбит ыалдьыттарбыт […]