Ахсынньы ый 19 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр “Нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдар кэскилэ”* диэн төгүрүк остуол тула кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолан ааста. Төгүрүк остуол тула элбэх кэпсэтиилэр , инникигэ былааннар этилиннилэр . Бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан Александр Потапов, Екатерина Спиридонова, Анисия Тимофеева, чааһынай хаһаайыстыбалартан Олег Васильев, Иван Павлов,Марианна Потапова, Александра Львова, Айталина Иванова кытыннылар.
Кэлбит ыалдьыттарбыт атах тэпсэн олорон санааларын сайа этиннилэр.
Эдэр кэскиллээх ыччаппыт, эдэр ыал аҕаларыгар холобур буолар , биир эмиэ улахан хаһаайыстыбаны үлэлэтэн, үлэлии – хамсыы сылдьар уолбут Александр Потапов Тыа хаһаайыстыбатын иһинэн ыытыллар үөрэххэ үөрэнэн, бу аҕыйах хонуктааҕыта бэйэтин үлэлии сылдьар бырайыагын көмүскээн кэлбитин билиһиннэрдэ ону тэҥэ маннык хабааннаах үөрэхтэргэ өссө да үөрэниэххэ сөптөөҕүн туһунан бэлиэтээтэ.
Мэйик нэһилиэгин сүөһүтүн, сылгытын этэ урут-уруккуттан күн бүгүнүгэр диэри миинньигэс амтаннааҕынан биллэр буолан, атыыга хамаҕатык барар. Бу барыта сүөһү, сылгы мэччийэр өҥ буордаах алаастардаах , иҥэмтиэлээх оттордоох буолан. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ Мэйик дьаралыктаах бородууксуйалары оҥорон, атыыга таһаарар киһи диэн баҕа санаа этилиннэ, ону тэҥэ чааһынай
хаһаайыстыбалар аа5ан-суоттаан көрөн, тэриллиилээх хаһаайыстыбалары кытта бииргэ үлэлиэхтэрин сөп диэн кэпсэтии буолла.
Нэһилиэккэ сүөһү, сылгы иитиитин кытта, түргэнник ситэр салаа-сибиинньэ, куурусса, көтөр иитиитин сайыннар наадатын ыйдылар.
Ону тэҥэ оскуола оҕотун үлэҕэ кыра эрдэҕиттэн үөрэтэ таарыйа “Мин бастакы биисинэһим” диэн күрэх тэрийиэххэ сөп диэн этии киирдэ.
Бу курдук элбэх боппуруостаах , санаа атастаһыылаах , инникигэ элбэх былааннардаах ” Нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдар кэскилэ” диэн төгүрүк остуолбутун сэргэх ис хоһоонноох тылларынан түмүктэннэ, кэлэр өттүгэр бу курдук хабааннах көрсүһүүлэр өссө да буолуохтара.
Сарсыҥҥы күҥҥэ саҥа саҕахтары арыйыах, эрэли үөскэтиэх , кэскиллээх санаанан салайтарыах.








