Күндү ийэлэрбит, эбээлэрбит, эдьиийдэрбит, балыстарбыт, эһигини барыгытын сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит, баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, кэрэни!
Этэллэр дии, кулун тутар 8 күнэ – сааскы бырааһынньык диэн, ол эрэн саас эһиги баар буолан кэлэр. Эһиги үөрдэххитинэ, оннооҕор былыттаах күн сандаарарга дылы, оттон эһиги аттыбытыгар баар буоллаххытына, ханнык баҕарар кыһалҕаны аһарабыт.
Бүгүн эһиги иннигитигэр сырдатыахпын баҕарабын, Мэйикпит нэһилиэгэр олорор, герой ийэни, 7 оҕолоох Ийэ албан аат бэлиэ хаһаайкаларын, кинилэр дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун хайдах иитэн улаатыннартаабыттарын туһунан. Урукку өттүгэр, биһиги нэһилиэккэ элбэх оҕолоох ыал элбэх этилэр, олор истэригэр герой ийэ да аҕыйаҕа суоҕа, ол курдук Мария, Николай Прокопьевтар, Мария Афанасий Яковлевтар, Валентина, Николай Ивановтар, Марина, Харлампий Бускаровтар, Валентина, Афанасий Кириллиннар, Мария, Николай Николаевтар, Маргарита, Георгий Семеновтар, Марфа, Михаил Ивановтар. Элбэх оҕолонуу- бу дьиҥнээх дьол, үрдүк дьолу, эйэҕэс сыһыаны уонна олоххо дьулууру бэлэхтиир. Оҕо- төрөппүт күннээҕи үөрүүтэ, инники эрэлэ, кинилэр хайдах улааталларын көрүү уонна сайдалларын ситиһии- олох саамай улахан кэрэ кэмнэрэ. Элбэх оҕолоох ыалга таптал, өйөбүл, үтүө сыһыан баһыйар. Элбэх оҕону төрөтөн, иитэн таһаарыы манан эбит буолбатах, элбэх үлэттэн, сыраттан тахсарын сэрэйэбит. Кинилэр таҥастара – саптара, аһылыктара, такайыылара, туох да хара баһаам буоллаҕа. Хас биирдии ийэ оҕотун ситиһиитэ дьоло буолар, кини эмиийин сылаас үүтүнэн эмсэхтэнэн улаатан, ситиһиилээх, олоххо туһалаах буолан тахсара, ийэҕэ туохха да тэҥнэммэт бэлэҕэ буолар.
Онон күндү истээччилэр, ааҕааччылар, эһиги иннигитигэр элбэх оҕолоох ыал ийэлэриттэн кэпсэтиилэри ону тэҥэ алгыстаах, истиҥ тыллардаах эҕэрдэлэри, эһиэхэ анаан таһаарабыт.
1968 сыллаахха Иванов Михаил Дмитревичтыын ыал буолан 12 оҕону кун сирин
көрдөрбүппүт. Аҕабыт Дүллүкү нэһилиэгиттэн төрүттээх. Мин өр сылларга детсадка поварынан үлэлээбитим. Аҕабыт суоппарынан совхоска,жкхааҕа, бодобуоска үлэлээбитэ.
Биьиги оҕолорбут ханнык да үлэттэн толлон турбакка үлэлииллэр этэ, ол курдук аҕабыт араас техникаҕа илдьэ сылдьан көмөлөһүннэрэр этэ, окко барыларын илдьэ сылдьан оттуурбут. Кыргыттар ас астыырбынк көрө сылдьан үөрэнэллэрэ. Оҕолорбор оскуола, детсад мероприятиятыгар таҥастарын бэйэм тигэр этим. Ону көрөр буолан кыргыттарым билигин бэйэлэрэ оҕолоругар, сиэннэригэр таҥас тигэллэр. Урут түүннэри – күнүстэри элбэх таҥас тигиллээччи.
Ол саҕана ыал үксэ элбэх оҕолоох этэ. Билиҥҥи курдук талбыт таҥас, ас суох кэмнэрэ этэ буоллаҕа. Түүннэри – күнүстэри үлэлээн оҕолорбутун аһатан, таҥыннаран, этэҥҥэ улаатыннартаабыппыт. Уолаттар аҕаларын кытары кустаан, туһахтаан. Улаатан баран бэйэлэрэ бултуур буолтара. Оҕолорбут бэйэ – бэйэлэрин көрсөн улааппыттара. Биһиги үксүн үлэбитигэр буолабыт. Урукку курдук билинни оҕо билбэтэ элбэх. Биьиги саҕана олохпут да атын этэ буоллаҕа.Үксүн таһырдьа сылдьан оонньууллар. Оттоон,мастаан,бултаан күннэрин туһалаахтык атаараллара. Билигин интэриниэт ситимэ буолан оҕолорбут онно олороллор олох сайдыыта буоллаҕа. Куруук үлэбиттэн хойут кэлэр буолан, улахан эдьиийдэрэ уруок аахтарааччы. Кун аайы да буолбатар, кинигэ,хаһыат, журнал ааҕааччылар.
Ийэлэргэ баҕарыам этэ, доруобуйаны, бэйэ бэйэҕитин харыстааҥ, оҕолоргут, сиэннэргит тапталларынан дьоллоох буолуҥ.






25.05.1990 Алексеев Владимир Васильевичтыын ыал буолбуппут, 7 оҕолоохпут, 5 кыталык кыыстаахпыт, 2 туруйа уолаттардаахпыт.
Оҕолорбутун кыраларыттан үлэҕэ, бэйэ бэйэлэригэр көмөлөһөргө, чиэһинэй буоларга ииппиппит.
ОҔолор бэйэ бэйэлэрин көрсүһэллэрэ, аспыт кырыымчык этэ. Биһиги оҕолорбутун иитэр кэммитигэр сотовай телефон диэн суох буолан, оҕолорбут айылҕаҕа сылдьан, таһырдьа оонньоон, кинигэ ааҕан күннэрин барыыллара. Дьиэтээҕи библиотека урукку өттүгэр кыра баара, оҕолорго ааҕар да этибит, улахан оҕолор бэйэлэрэ да ааҕаллар этэ. Билиҥҥи кэм оҕолоругар сотовай телефону хааччахтыахха баар этэ.






Мин Мэйигим оскуолатын 1990 с-ха 8с кылааһын түмүктээн, Хоро орто оскуолатыгар үөрэнэ тиийбитим. Кулуубка оҕолорго үҥкүү куруһуога ыытыллара, онно сылдьарым. Биирдэ иккис чиэппэр каникуулун кэннэ волейбол секцията бүтээтин, киэһэ 7 чааска “биир уол эйигин свиданиеҕа ыҥырар” диэн илдьит туппутум тахсыбытым отто биир уол турара, билсибиппит отто Володя диэн эбит, кылгастык Хоро уулуссатын устун хаамтыбыт уонна 8 чаас буолуута сүрдээх бэрээдэктээхтик интернатым ааныгар атааран биэрдэ. Ол курдук сааскыга диэри билсибиппит, онтон Володям СА кэккэтигэр ыҥырыллан барбыта, мотоцикллаах этэ,күнүс интернат аттыгар кэлэн ыҥыттаран таһааран кылгастык сэлэспиппит, онтон сып сылаастык илиибиттэн тутан баран “чэ, мин бардым” диэбитэ. Оннук 2 сыл тиһигин быспакка суругунан билсибиппит. Кини саас кэлэригэр мин Мэйик интернаатыгар үлэлиирим. Отпуск кэмэ чугаьаабыт бириэмэтэ этэ. Оччолорго телефонунан билсэрбит уонна суол хаалыар диэри аҕыйах субуотаҕа автобус сылдьара рейсовай, онон айаннаан Хороҕо тиийэрбин тоһуйан ылара. Кини да кэлиэн иннинэ Хороҕо бииргэ үөрэммит оҕолорбунаан көрсөөрү Хороҕо элбэхтик айанныырым. Сайынын кини мотоцикл көлөтүнэн көтүтэн кэлэн көрсөн барара. Оччолорго биһиэхэ сайынын массыына сырыыта аҕыйах буолара, суол-иис олох мөлтөх этэ. Ол иһин кини чэпчэки Минск мотоциклынан кэлэрэ, куһаҕан суолга көтөҕөн да кэриэтэ туоратан сылдьара. Наьаа кыахтаахтык, эрэллээхтик ити көлөнү ыытара. Онтон куһүн 1992 сылга мин Үөһээ Бүлүүтээҕи СПТУ-10 бухгалтердар группаларыгар үөрэнэ киирбитим. Эдьиийим Раисалаахха олорон үөрэммитим. Ардыгар кини Хороттон сороҕор трассаҕа массыына тубэспэккэ сатыы тиийэн, сороҕор мин субуоталарга эмиэ оччолорго массыына баарын кини биллэрэн, танцыларга кэлэн көрсөрбүт. Ол сылдьан мин биирдэ ыйытабын ээ “Миигин ханна көрөҥҥүн свиданиега ынырбыккыный” диэн онуоха кини “Куруһуокка үҥкүүлүү сылдьаргын аан быыһынан көрбүтүм” диэбитэ. Бүтэриибэр ” Кэргэннии буолуох” диэн долгутуулаах ыҥырыытын ылынан, муус устар 9 күнүгэр загсаланан, 10 күнүгэр сыбаайбалаан ыал буолбуппут, дьоллоох кэргэннии олохпут саҕаламмыта. Оҕо-дьол диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оттон элбэх оҕолонуу миэхэ удьуорунан бэриллибит курдук. Эбэм, аҕам ийэтэ Мария Степановна Иванова. Оттон бэйэм 8 оҕолоох Мария Михайловна, Март Афанасьевич Яковлевтар дьиэ-кэргэттэригэр бастакы огонон күн сирин көрбүтүм. Бэйэбит бастакы үөрүүбүт, тапталбыт туоһута улахан кыыспыт Сардаана 1993 сыл ахсынньы 9 күнүгэр күн сирин көрөн үөрүүбүтүн үрдэппитэ. Онтон кыыс оҕолоох, дьоллоох дьон иккис оҕобут уол буоларын күүппүппүт, айыһыппыт аны уол оҕону бэлэхтээн баҕабытын толорон, дьолбут өссө тосхойбута. Ыал буолан олорбуппут номнуо 33 сылыгар уктэннэ. Сэттэ оҕолоохпут, 6 кыыс, 1 уол. Улахан оҕолорбут ыал буолан, сиэн бэлэхтээн, эбээ,эһээ аатын сүктэрбиттэрэ номнуо 7 сылыгар чугаһаата. Кыргыттарбыт Сардаана, инженер-строитель, финансист, кэргэнэ Евгений сварщик, Танябыт элбэх кыбартыыралары көрөр- истэр испэсэлиис, кэргэнэ Александр электрик, суоппар, Владимирабыт медсестра, кэргэнэ Эрчим суоппар идэлээхтэр. Кыргыттар билигин кыра оҕолорун көрөн олороллор. Күтүөттэрбит соҕотох уол оҕолоох ыалга киирбит дьон, уолаттарбыт кэриэтэ, биһигини кыргыттарбытынаан тэҥҥэ көрөр -истэр сурдээх эйэҕэс, үтүө майгылаах уолаттар, онтон киһи эрэ үөрэр, дьоллонор. 2025 сыл бэлэҕэ элбэх, ол курдук 3 сиэн эбилиннэ. Кыра кыыспыт 8с кылаас үөрэнээччитэ, Туйаара студент олоҕуттан сынньалаҥҥа олорор, бэйэ дьыалатын тэринээри бэлэмнэнэр, ессе да үөрэнэ барыа. Уолбут Ефим бульдозерист, силиэсэр о.д.а.идэлэрдээх, АЛРОСА хампаанньаҕа Накыын бөһүөлэгэр бастайааннай улэһит бэрээдэгинэн улэлиир. Кэргэнэ, соҕотох мааны кийииппит, кыргыттарбытыгар ханыы кыыс оҕо буолан киирбит, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала. Айыына, билигин эмиэ 1,5 сааһыгар чугаһаабыт 3-с оҕотун көрөн олорор. “Кыыс оҕо – омук анала” диэнинэн ыал буолан ырааппыт кыргыттарбытын солбуйар, барыны бары сатыыр, билэр, айар-тутар кэрэбит буолар. Олохпутугар ыар сүтүкпүт, 12 сааһын туолуутугар биһигиттэн күрэммит. кыысчааммыт Мария, өрүү сүрэхпитигэр сылдьар… кини туһунан 2020 сыллаахха НВК-ҕа “Санаа күүһэ” диэн передачаҕа Альберт Егорович Яковлев, оҕобут уонна биһиги олохпутугар сүдү суолталаах киһибит туһунан биэриигэ көстөн ааспыппыт.
Бу сыллар тухары аҕабыт булдунан, сылгы иитиитинэн халбаҥа суох дьарыктанар, дьиэ кэргэн туруктаах буолуутун хааччыйар. Бэйэм тыа хаһаайыстыбатын булгаахтыра, фермер идэлээхпин. Аҕам, Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, 1997 сыллаахха тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбатын 2021 сылтан тутаммын сылгы, ынах, сайынын бэйэҕэ диэн сибиинньэ, куурусса иитэбит. 2025 сыллаахха улууспутугар тыа хаьаайыстыбатын сайыннарыы чэрчитинэн ” Сүөһү аһын бэлэмнээһин” бырагыраамматынан МТЗ 1121 трактор ыламмыт, сүөһү, бааһына сирдэрин сөргүтүүнү саҕалаатыбыт. Эмис эти, үрүҥ илгэни дэлэтэн, ааспыт күһүн ыытыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар бастакытын олус көхтөөхтүк кыттыбыппыт.
Оҕолорбутун, билигин сиэннэрбитин бэйэни бэйэ көрүнүүтүгэр уонна үлэнэн иитэбит. Кылгас эрээри олус кэрэ сайыммыт быйаҥыттан сомсон оттуубут, сир ас арааһын хомуйан хаһаанабыт. Кэргэмминээн эмиэ мотоцикл көлөбүтүнн сылдьан романтикалыы туһэн бултаан, балыктаан сылдьарбыттан тылынан сатаан этиллибэт дуоһуйууну, сынньалаҥы ылабын. Илимтэн собону араарарбын, күөлгэ тыынан устарбын олох туохха да биэрбэппин. Маннык кэмнэргэ кэргэним мэлдьи илдьэ сылдьарыгар кэргэммэр олус махталлаахпын. Сайынын дьиэ-кэргэнинэн маннык сынньалаҥы атаарар туохха да бэриллибэт дьоллоох тугэн. Сайын биир кун дэриэбинэҕэ олордохпуна отой сатаммат, ардахха да олорбоппун, онон үүнээйини тулуурдааҕы, көрүүгэ наһаа наадыйбаты олордон аһарабын.
Элбэх оҕолоох – дьол. Элбэх оҕолоох буоламмын олохпор мэһэйдэри, ыарахаттары көрсүбүтүм диир табыллыбат, төттөрүтүн саҥа киһи күн сирин көрүүтэ олоххо өссө кынаттыыр, саҥаны саҕар,үөрүүнү, эрэли
үөскэтэр, тапталы күүһүрдэр. Улахан оҕолор күн сирин көрө илик кыра киһини күүтэллэрэ эмиэ туспа көстүү, үөрүү, дьол. Ол эрэн оҕону ирдэбиллээх сыһыанынан иитэбин. Кэргэним Хоро уола, кини дьоно ийэлээх аҕабыт барахсаттар баар кэмнэрэ уонна кинилэр пенсиялаах,сүөһүлээх -астаах буоланнар улахан ыарахаттары көрсүбэтэхпит, бэйэбит дьиэ туттуохпутугар диэри мин төрөппүттэрим туспа уһаайбалаах иккис дьиэлэригэр, дьиэлээх уһаайбаны атыылаһыахпытыгар диэри олорбуппут.
Билиҥҥи оҕону иитии уонна 1990 сыллардаагы оҕолору иитии суолтата олох тэтимнээх сайдыытыгар оҕустаран син уларыйда курдук. Ол эрэн биһиги ыалга оҕону смартфоҥҥа, телефоҥҥа, компьютерга олордуу бириэмэлээх, син биир куннээҕи эбээһинэстэрин үөрэх таһынан оҥороллор, дьиэ ис – тас үлэтэ, кыра кыыспыт эбиэттэн киэһэ борооскуларын эбии аһатар, кууруссаларын көрөр-истэр эбээһинэстээх, бэйэтэ туспа албастардаах, сүөһүлэрин,көтөрдөрүн олус таптыыр. Кылынан эмиэ сөбүлээн дьарыктанар, уруһуйдуур, гуглтан араас оҥоьуктары көрөн оҥорон бэлэх оҥортоон үөрдэр, сэҥээриини ылар. Туйаарабыт дьиэ-уот көрөр, ис сурэҕиттэн астаабыт миинньигэс аһынан күндүлүүр. Сиэннэр эмиэ хотонунан, сылгы далынан сылдьыһан, таһырдьа оонньоон бириэмэни эмиэ билбэккэ аһараллар. Саха тымныыттан куттаныа суохтаах диэн этиинэн эбээлэрэ тымныыны аахсыбат буоларга иитэбин, ичигэс таҥас эрэ наада буоллаҕа дии. “Айар” бэчээт киинин иһинэн араас оонньуулар атыыланаллар дии, онтон ылаттаан аралдьытыыны онорор буоллум бу кэлин, сэҥээрэллэр, олус интэриэһинэй, бэйэ да аралдьыйар оонньуулара бааллар. Пластилины, уруһуйу хото тэрийэбин. Оҕоҕо аналлаах кинигэлэри бас – көс булан көрөн баран дьаһайан уурар миэстэлээхтэр. Ол эрэн улахан дьон кинигэтин кинилэргэ ыстарбаппын
Дьиэтээҕи бибилэтиэкэ баар буоллаҕа дии. Араас кыра саастаах оҕо көрөр ойуулаах да, ааҕар да, араас баттах өрүүтүн, прическатын оҥоруу, кулинария, оҕуруот аһын олордуу, үүннэрии, араас оҥоһугу оҥоруу, араас иис, оһуор мандар уо.д.а. кинигэ элбэх буоллаҕа дии, барытын туһаналлар. Ийэлэргэ оҕо доруобай буолуутун баҕарыы саамай сүрүн алгыһым буоллун. Оҕо доруобуйатын Ийэ оҥорор, бэйэтэ аһыыр аһыттан, дьарыгыттан саҕалаан. Саха оҕотун саха төрүт аһынан аһатар үрдүк суолталаах диэн сыаналыыбын, оҕо доруобуйатыгар. Бэйэҕит чэгиэн-чэбдик, кыраһыабай, ситиһиилээх буолуҥ, оччоҕо дьиэ-кэргэн туруктаах, үөрүүлээх, дьоллоох буолар.




Мин Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгэр, тохсунньу 30 күнүгэр төрөөбүтүм. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит. Мин кыра эрдэхпинэ ийэм өлбүтэ, ол иһин аҕабыт биһигини соҕотоҕун улаатыннарбыта.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр аҕабар көмөлөһөн ынах ыырым, ас астыырым. Сайыҥҥы кэмҥэ совхозка үлэлии барарбыт. Икки буолан дояркалыырбыт. Оскуоланы бүтэрэн баран путевканан икки сыл совхозка доярканан үлэлээбитим. Онтон Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитим. Онно үөрэнэ сылдьан Маартыын билсибитим. 1989 с. ыал буолан, Үөһээ Бүлүү Мэйигэр кэлбитим. Ураты маннык иитии диэн суох этэ да буоллар, оҕолорум олох кыраларыттан бэйэ бэйэлэрин көрсө, көмөлөсүһэ сылдьалларын, дьиэҕэ туох үлэ баарын көрөн, үллэстибэккэ үлэлииллэрин ирдиирим. Үп – харчы өттүгэр ыктарыы баар этэ, ол эрэн бэйэ бэйэлэрин көрсөр, көмөлөсүһэр буолан наһаа дьиэҕэ хаайтаран олорбокко, үлэлиир – хамныыр этим. Элбэх оҕо дьол буоллаҕа. Улахан уратыта диэн билиҥҥи оҕо ирдэбилэ улахан быһыылаах. Биһиги оҕолорбут саҕана киһи барыта үлэлээх буолан, ону көрөн үлэ тыыныгар иитиллибиттэрэ буолар. Эрдэ эппитим курдук үп – харчы суоҕуттан библиотека туһунан санаабатаҕым, син интириэһиргээбит кинигэлэрин, сурунаалларын библиотекаттан уларсан ааҕааччылар. Оччолорго кинигэ атыыга да кэлэрэ аҕыйах буолан тиксиллибэт да этэ.
Ийэлэргэ баҕа санаам дьиэ кэргэн иллээх –эйэлээх, быр – бааччы, ыраас халлаан анныгар эйэлээхтик,дьоллоохтук олоруохтарын,оҕолорунан киэҥ туттуохтарын, сиэннэриттэн дьоллонуохтарын баҕарабын.







