Ааспыт оптуорунньукка, доруобуйа күнүн чэрчитинэн олохтоох дьаһалта дьиэтигэр, олорор тэлгэһэбититтэн хомуллубут эмтээх оттор тустарынан кэпсэтиһиигэ төгүрүк остуол буолан ааспыта. Ол курдук В. Н. Титов аатынан культура киинин уус уран салайааччыта Сардана Николаевна Николаева тиэргэниттэн хомуйбут отторун тустарынан сүрдээх истиҥник сэһэргээн, ол отторун аҕалан көрдөртөөн, чэй настойдаабытын амсаталаан, чахчы да сайыны санатар амтаннаах чэйи иһэммит бары да астына быһыытыйбыппыт. Манна даҕатан эбиитин үөрэ отун уматан буруолатан, санаабытын сайҕаан , дууһалыын чэпчээбиккэ диэри буолбуппут.
Сардаана Николаевна бу курдук эмтээх оттору үөрэтэн, олорор түлбэбититтэн араас эмтээх оттору кыралаан хомуйарын туһунан сырдатта. Көҕөн көттөҕүнэ көппөх оргуйар диэн өс хоһооно баарыныы, кыттыыны ылбыт дьон сиэринэн сүрдээҕин сэҥээрэ быһыытыйаммыт аны сайын эмиэ сылдьыһан, хомуйсубут киһи диэн баҕа санаабытын эттибит.
Бу курдук доруобуйабыт бэйэбит илиибитигэр диэн санаанан садайтаран, төгүрүк остуолбутун түмүктээтибит.





