Аҕам саастаахтарга аналлаах тэрээһин.
Ааспыт ыйга, аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн, икки хамаандаҕа арахсан, литературнай викторина буолбута. 1 кы хамаанда Дьогдьоохтор, 2 с хамаанда Долгунчалар. Бары да саастаах буоланнар, кинигэни кытта алтыспыттара өтө биллэр, бары боппуруостарга сурдээ5ин эппиэттээн, бэрт кыра очукуонан Долгунча хамаанда бастаан, үөрүүлэрэ үксээн, санаалыын сылаанньыйан, бырааһынньыктыыр настырыанньалара өрө көтөҕүллэн , үөрдүлэр – көттүлэр. Манна даҕатан эттэххэ, маннык […]
Комсомол 105 сааһыгар аналлаах тэрээһин.
Бугун, сэтинньи ый 1 күнүгэр, Комсомол 105 сылыгар аналлаах ” Не расстанусь с комсомолом, буду вечно молодым!” диэн алын сүһүөх оҕолоругар комсомол туһунан билиһиннэрэр, сэһэргиир ис хоһоонноох тэрээһин, бэрт сэргэхтик буолан ааста. Оҕолорго комсомол хаһан тэриллибитин , ким тэрийбитин, комсомолга ылбычча киһи киирбэтин сиһилии кэпсээн, оччотооҕу дьон үлэтин – хамнаһын билиһиннэрдибит. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы хаартыскалары […]
Наставник уонна педагог сылын чэрчитинэн аҕам саастаах учууталларга ахтыы киэһэтэ.
Бүгүн, алтынньы ый 10 күнүгэр, Мэйиктээҕи ааҕар дьиэҕэ сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох, аҕам саастаах наставник учууталларга, “Эҕэрдэ эйиэхэ” диэн ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Бэлиэ күҥҥэ кыттыыны ыллылар, Валентина Васильевна,Валентин Михайлович Поповтар, Маргарита Егоровна Борисова, Владимир Афанасьевич Федоров, Зоя Васильевна Бускарова, Любовь Романовна Семенова,Василий Петрович Санников, Анатолий Николаевич Николаев. Бары да оччотооҕу кэмҥэ куустаран, элбэҕи кэпсээтилэр, […]
Музыка күнэ.
“Музыка для всех” бырайыак чэрчитинэн, бугун алын сүһүөх о5олоругар “Ырыа олох аргыһа” диэн Советскай союз народнай артыыската, быйылгы дьылга үбүлүөйдээх саастаах, киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахпыт, ытык киһибит, Анегина Егоровна Ильина5а аналлаах тэрээһин буолан ааста. О5олор оттомноохтук олорон сэҥээрэ иһиттилэр, Анегина Егоровна5а туһуламмыт кинигэ – хаартыска быыстапкатын бол5ойоннор көрдүлэр. Мэйик сурун оскуолатын муусукаҕа учуутала, Анегина […]
Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ.
Бала5ан ыйын 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт “Таптыыбын – төрөөбүт дойдубун” диэн хоһоон ыллыктаах, Мэйик сурун оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэригэр тэрээһин буолан ааста.Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа хайдах олохтоммутун туһунан сэҥээрэ иһиттилэр. Төрөөбүт дойду туһунан хоһоон ааҕан чуопчаардылар. Кылаас салайааччыта, Валентина Васильевна, о5олорун кытта тэҥҥэ сахалыы танаьы сайбаччы кэтэн киирэн, бугунну тэрээһиннэ кыттыыны ылбыттарыгар […]
Зоя Космодемьянская 100 сааһыгар аналлаах тэрээһин.
5-7 кылаас о5олоругар, Зоя Космодемьянская 100 сааһыгар аналлаах библиотечнай уруок буолан ааста. Зоя Космодемьянская туһунан сиһилии кэпсээтэ, история учуутала Николай Анисимович Саввинов. О5олор биир тыынынан олорон сурдээ5ин сэҥээрэ иһиттилэр, эдэркээн кыыс хорсун быһыытын се5е санаатылар. Салгыы Космодемьянская туһунан видео көрдүлэр.
Аан дойдуга таба суруйуу күнэ.
Бала5ан ыйын 8 күнүгэр “Международный день грамотности” акция5а, олохтоох библиотека5а, Иван Петрович, Лира Дмитриевна салайааччылаах 5,6,7 кылаас о5олоро диктант суруйдулар. Диктааны, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Александра Никифоровна суруйтарда.
Библионочь 2023
Мэйик библиотекатыгар хас сылын аайы ыытыллар бүтүн Россиятааҕы “Библионочь” тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Ол курдук, кыра кылаас о5олоругар “остуоруйа алыптаах эйгэтэ” остуоруйа кэпсэннэ, бары биир тыынынан, сэнээрэн олорон дуоһуйа иһиттилэр. Мэйик сурун оскуолатын технологияҕа учуутала, Айталина Васильевна, кинигэ5э харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар анаан, 4-с кылаас о5олоругар кинигэ5э туттуллар кыраһыабай закладка5а маастар кылаас оҥордо. Оҕолор сурдээ5ин астына, […]
Кинигэ күүһэ
Республиканскай 5-с төгүлүн ыытыллар “Кинигэ күүһэ” акцияҕа Мэйик сынньалаҥ киинигэр өр сылларга директорынан үлэлээбит, билигин художественнай салайааччынан үлэлии сылдьар, Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ,о5о эрдэҕиттэн кинигэни до5ор оҥостубут, Джемма Иннокентьевна Федотова бэйэтэ сөбүлээн аахпыт кинигэлэрин, о5олорго сурдээх иһирэхтик, ис сүрэҕиттэн иэйэн туран кэпсээтэ. Кинигэни элбэхтэ ааҕар туох туһалааҕын, бэйэтэ историческай хабааннаах […]
Славянскай сурук – бичик уонна культуратын күнүгэр анаммыт оҕолорго тэрээһин.
Бугун, ыам ыйын 25 күнүгэр, алын сүһүөх кылаас о5олоругар Славянскай сурук – бичик уонна культуратын кунугэр анаммыт дьыктаан курэ5э буолан ааста. Барыта 7 о5о кыттыыны ыллылар, ол курдук 3 миэстэни Петя Николаев, 2 м Далаана Иванова уонна 1 кы бочуоттаах миэстэни ыллылар, Далаана Васильева, Дмитрий Иванов. Ньургууна Чирикова