Бала5ан ыйын 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт “Таптыыбын – төрөөбүт дойдубун” диэн хоһоон ыллыктаах, Мэйик сурун оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэригэр тэрээһин буолан ааста.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа хайдах олохтоммутун туһунан сэҥээрэ иһиттилэр. Төрөөбүт дойду туһунан хоһоон ааҕан чуопчаардылар. Кылаас салайааччыта, Валентина Васильевна, о5олорун кытта тэҥҥэ сахалыы танаьы сайбаччы кэтэн киирэн, бугунну тэрээһиннэ кыттыыны ылбыттарыгар махталбын биллэрэбин!


