Бугун, сэтинньи ый 1 күнүгэр, Комсомол 105 сылыгар аналлаах ” Не расстанусь с комсомолом, буду вечно молодым!” диэн алын сүһүөх оҕолоругар комсомол туһунан билиһиннэрэр, сэһэргиир ис хоһоонноох тэрээһин, бэрт сэргэхтик буолан ааста. Оҕолорго комсомол хаһан тэриллибитин , ким тэрийбитин, комсомолга ылбычча киһи киирбэтин сиһилии кэпсээн, оччотооҕу дьон үлэтин – хамнаһын билиһиннэрдибит. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы хаартыскалары сэнээрэ көрдүлэр, ол бириэмэ5э комсомол сэкэрэтээринэн үлэлии сылдьыбыт учууталларын көрөннөр үөрдүлэр – көттүлэр. Комсомолга аналлаах хоһооннорун аа5ан сүөм үрдээтилэр, кыратык долгуйа быһыытыйдылар. Өрүү библиотеканы до5ор оҥостон алтыһар, 3 кылаас үөрэнээччилэрэ учууталлара Валентина Васильевна Попованы кытта сылдьан, сылтан сыл билиилэрэ кэҥээн, көрүүлэрэ улаатан иһиэ диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Тэрээһин иннинэ төрөппүттэрин,эйэҕэс эбэлэрин кытта “Эн комсомол мин дьолум” диэн ырыаны өрө күүрүүлээхтик ыллаан, тэрээһин силигин ситэрдилэр.






