Космонавтика күнэ!

Бугун, муус устар 13 күнүгэр, Космонавтика күнүн чэрчитинэн алын сүһүөх кылаас о5олоругар сурдээх сэргэх уонна интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста.     Ол курдук, Аан дойдуга бастакы космонавт, Советскай союз геройа  Юрий Алексеевич Гагаринна аналлаах кинигэ быыстапката туруорулунна. Космонавтар тустарынан сэһэргээһини сэнээрэн олорон иһиттилэр. Экраҥҥа космонавтика туһунан о5олорго аналлаах мультфильмы биир тыынынан астына  кердулэр.        Ол кэннэ о5олор икки […]

Библиотекардар десаннара Сунтаарга уонна Ньурба5а

https://t.me/admvervil/9414???Бэҕэһээ, кулун тутар 15 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтин кытта филиал үлэһиттэрэ Сунтаарга Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтин көрөн – истэн, үлэлэрин билсэн  ыалдьыттаан кэллибит.“Библиотечнай десант” сыала – соруга, Бүлүү бөлөх улуустарыгар бастакынан “Култуура” национальнай бырайыакка кыттан, 5 мөлүйүөннээх Граны ылбыт “Саҥа көлүөнэ библиотекатын” билсии, сана сүүрээннэрин көрүү диэн.      Сунтаар Олоҥхо дойдута дииллэринии, […]

Доруобуйа – чөл олох төрдө

Бастакы бэрисидьиэммит, М. Е. Николаев 90-с сылларга, Саха сиригэр мэдиссиинэни күүскэ сайыннарбыта саарбаҕа суох. Ол төрүөтүнэн, олунньу ый бүтэһик күннэригэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа национальнай күнэ бэлиэтэнэр.Бэлиэ күн чэрчитинэн, олунньу 28 күнүгэр, Мэйиктээ5и ааҕар балаҕан дьиэтигэр “Доруобуйа – чөл олох төрдө” диэн сүрдээх истиҥ уонна сэргэх тэрээһин буолан ааста. Манна этиллибитин курдук, Мэйиктээ5и ФАП олохтоох фельдшера, […]

Мэйиккэ “Сахалыы дьыктаан”

Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар ** саха төрүт тылын уонна суругун-бичигин күнүн иитинэн, олунньу 18 күнүгэр күнүс 12 :00 чаастан, үгэс буолбут “Сахалыы дьыктаан”суруйуута буолан ааста. Барыта а5ыс суруксут кэлэн суруйда. Үһүс Добун суругу, алын сүһүөх учуутала, Лена Михайловна Прокопьева, иккис Добуну Мэйик оскуолатын тех. улэьитэ, Александра Ивановна Алексеева уонна муҥутуур, бастакы Добун суругу ылары ситистэ, […]

Акция “Подари радость – подари книгу”

“Подари радость – подари книги” Акция5а биһиги нэһилиэккэ кыттыыны ылбыттара хайҕаллаах суол. Ол курдук, Мэйик нэһилиэгин олохтооҕо, барытыгар инники күөҥҥэ сылдьар, эдэрдэргэ холобур буолар, библиотека биир бастыҥ аа5ааччыта, Александра Ивановна Львова, акция5а кыттыһан сэмэй кылаатын киллэрсэн, библиотека5а дьон ааҕарыгар диэн, сахалыы кинигэлэри бэлэх уунна. Нэһилиэк эмиэ биир общественнига, предприниматель, дьоҥҥо – сэргэҕэ өрүү көмөлөһөр, Яна […]

И.Н. Бараховка аналлаах тэрээhиннэр

Олунньу ый 13 күнүгэр, Ийэ тыл уонна сурук – бичик күнүгэр, улуус үрдүнэн И. Н. Бараховка аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Ол курдук биһиги Мэйикпит нэһилиэгэр, Бараахап дьыктааныгар уопсайа оҕолуун 24 суруксут кытынна. Бу дьыктаанна бастыҥ суруксуттарынан буоллулар, 3 миэстэни Лена Прокопьева, 2 м Джемма Федотова уонна муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын ылбыт, Василий Муксунов.Тэрээһиммит […]

Тобуруокап 105 сааhыгар

Мэйиккэ Тобуруокап 105 сааhыгар анаан араас тэрээhиннэр буолан аастылар. Мэйик библиотекатын иhинэн алын кылаас о5олоругар анаан Петр Тобуруокап хоhооннорун аа5ыыларыгар, I м ыллылар 2 кылаас о5олоро Иванова Нарыйаана уонна Максимова Саина, II м. ыллылар 1 кылаас о5олоро Семенова Саргылаана уонна Саввинов Арылхан, III м ылла 2 кылаас о5ото Федоров Эрсан. Улахан кылаас о5олоругар Петр Тобуруокапка […]