Библиотекардар десаннара Сунтаарга уонна Ньурба5а

https://t.me/admvervil/9414
???Бэҕэһээ, кулун тутар 15 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтин кытта филиал үлэһиттэрэ Сунтаарга Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтин көрөн – истэн, үлэлэрин билсэн  ыалдьыттаан кэллибит.
“Библиотечнай десант” сыала – соруга, Бүлүү бөлөх улуустарыгар бастакынан “Култуура” национальнай бырайыакка кыттан, 5 мөлүйүөннээх Граны ылбыт “Саҥа көлүөнэ библиотекатын” билсии, сана сүүрээннэрин көрүү диэн.
      Сунтаар Олоҥхо дойдута дииллэринии, сахалыы тыыннаах ыалдьытымсах Элгээйи олохтоохторо ытыстарын үрдүгэр түһэрэн, сүрдээх истиҥник көрүстүлэр. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Евдокия Захарова эҕэрдэ тойугунан, сахалыы сиэринэн алгыстаах алаадьынан күндүлээн, уруйдаан – айхаллаан, үөрэн – көтөн көрүстүлэр. Нэһилиэк аҕа баһылыга Павел Анатольевич  Григорьев эҕэрдэлээтэ, салгыы кылаабынай бибилэтиэкэр Татьяна Афанасьевна  Семёнова Элгээйи бибилэтиэкэтин кэрчик кэмнэрин, историятын билиһиннэрдэ. Инникитин, Үөһээ Бүлүүлэри кытта ыкса сибээстээхтик, киэҥ кэскиллээхтик үлэ ыытылларыгар олук уурулунна.

Олох хаамыытынан, сайдыы суолунан үктэммит, аныгылыы бырайыактаах бибилэтиэкэ тупсаҕайын, ымпыктаан – чымпыктаан оҥоһуллубутун сэҥээрэ көрдүбүт. Көрсүһүүнү туоһулуур, икки өттүттэн хардарыта өйдөбүнньүк кинигэлэри бэлэх уунустубут.

Бибилэтиэкэни кытта силбэһэ турар “Оһуор” култуура киинигэр киирэн ыалдьыттаан таҕыстыбыт. Култуура киинин үлэһиттэрэ Эльвира Николаева, Ульяна Антонова кулууп үлэтин – хамнаһын билиһиннэрдилэр, эстрада ырыаһыта Дуолан Трофимов ылбаҕай ырыатын бэлэх уунан, өйбүтүгэр – сүрэхпитигэр кэрэ өйдөбүлү хаалларда. Элбэх куруһуок үлэлиирин, дьон – сэргэ үөрэ – көтө кэлэн дьарыктаналларын илэ харахпытынан көрөн сэҥээрдибит, астынныбыт. Республикаҕа тиийэ аатырар Мария Сергеевна Семёнова салайааччылаах  “Домисолька” курдук улахан норуодунай ансаамбыллаахтара элбэҕи этэр. Уопсайынан бибилэтиэкэни кытта култуура үлэһиттэрэ биир сүбэнэн үлэлиир буоланнар, үлэлэрэ – хамнастара ордук таһаарыылаах буоларын сэһэргээтилэр.
      Эбиэккэ нэһилиэк баһылыга Павел Григорьев салайыытынан миинньигэс, өлгөм астаах сандалы остуолга олорон, дьиҥнээх мраморнай саха ынаҕын этиттэн миин уонна торуой буһаран күндүлээтилэр.Элгээйи нэһилиэгэр сыалай үс араас музей баара киһини сөхтөрөр. Ол курдук, С. А. Зверев – Кыыл уола аатынан Фольклор, Б. Н. Андреев аатынан Айылҕа, кыраайы үөрэтэр “Туойдаах алаас” түмэллэрин астына, сөҕө – махтайа көрдүбүт. Экскурсоводтар Ньургуйаана Саввинова, Терентий Татаринов, Анисия Игнатьева олус интэриэһинэйдик түмэллэрин билиһиннэрдилэр, киэн тутта сэһэргээтилэр. Инникитин маннык баай историялаах, бу курдук дойдуларыгар бэриниилээхтик үлэлиир үлэһиттэрдээх нэһилиэк, ханнык да күчүмэҕэй күннэргэ өлөн – охтон биэрбэккэ, сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэн, эрэллээхтик хардыылаан үлэлииллэрэ саарбаҕа суох. Сүрдээх ыалдьытымсах, үөрүнньэҥ, сахалыы куттаах Элгээйибит дьонугар – сэргэтигэр махтал – баһыыба тылын тиэрдэн баран, дойдулуур суолбутун туттубут.
        Кэлэн иһэн аны Ньурба бибилэтиэкэтигэр тохтуу түһэн, үлэ хаамыытын билсэн, санаа атастаһан, бириэмэбит барбытын билбэккэ аьардыбыт. Бибилэтиэкэ иккис этээһигэр К. Д. Уткин аатынан краеведческай түмэлгэ сылдьан билбэтэхпитин биллибит, көрбөтөхпүтүн көрдүбүт. Чахчы даҕаны, киһини сөхтөрөр, аныгылыы оҥоһуулаах, уоттаах – күөстээх, хос – хос аайы улахан экраннардаах, виртуальнай хостордоох, истиэнэҕэ ыйанан турар планшеттардаах чахчы дьоһун түмэл. Бу маннык тэтиминэн, сайдыы суолун кытта тэҥҥэ сиэттиһэн иһэр Ньурба түмэлин үлэһиттэригэр салгыы аайа – тута, дьон махталын ыла туралларыгар баҕарабыт. 

“Библиотечнай десант” кыттыылаахтара Элгээйи, Ньурба бибилэтиэкэлэригэр, музейдарыгар сылдьан элбэҕи билэн – көрөн, санаа атастаһан кэллибит. Кэлэр – барар сырыыбытын кэпсэппит, маршруппутун оҥорбут директорбытыгар Наталья Кирилловна Петроваҕа, салайан, иилээн илдьэ сылдьыбыт Сардаана Петровнаҕа, автобуһунан хааччыйбыт улуустааҕы спорт салаатын начальнигар Егор Алексеевич Николаевка сыыдам сырыылаах суоппарбытыгар, Василий Гоголевка, бары десант кыттыылаахтарын ааттарыттан истиҥник махтанабыт.
    Мэйик бибилэтиэкэрэ Ньургууна Чирикова.