И.Н. Бараховка аналлаах тэрээhиннэр

Олунньу ый 13 күнүгэр, Ийэ тыл уонна сурук – бичик күнүгэр, улуус үрдүнэн И. Н. Бараховка аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Ол курдук биһиги Мэйикпит нэһилиэгэр, Бараахап дьыктааныгар уопсайа оҕолуун 24 суруксут кытынна. Бу дьыктаанна бастыҥ суруксуттарынан буоллулар, 3 миэстэни Лена Прокопьева, 2 м Джемма Федотова уонна муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын ылбыт, Василий Муксунов.
Тэрээһиммит иккис чааһыгар И. Н. Бараховка аналлаах саҥа кинигэ билиһиннэриитэ буолла. Бу манна саҥа буруолуу сылдьар кинигэлэри эт илиилэринэн тутан – хабан аа5а сылдьар ааҕааччыларбыт Иван Чириков, Джемма Федотова, Василий Муксунов быһа тардан сэьэргээтилэр, билиһиннэрдилэр. Чахчы интэриэһинэй уонна дьоҥҥо олус туһалаах кинигэ эбит диэн бигэргэттилэр, салгыы кинилэр кэннилэриттэн уларсан ааҕалларыгар сүбэлээтилэр.
Тэрээһин үһүс чааһыгар, улахан дьоҥҥо “Тыл оонньуута” буолла.
Бу курдук, И. Н. Бараховка аналлаах тэрээһиммит үрдүк таһымнаахтык буолан ааста диэҕи баҕарыллар. Тэрээһиҥҥэ ордук эр дьон көхтөөх кыттыыны ылбыта олус хайҕаллаах. Уонна оттон буоларын курдук о5о – аймах сылдьан, билиитэ – көрүүтэ эбиллэр, элбэххэ үөрэнэр,уунэр – сайдар. Үөһээ Бүлүүлэр, чахчы даҕаны үйэлэргэ умнуллубат, чулуу, бастыҥтан бастыҥ киьилээхпитинэн киэҥ туттуох кэриҥнээхпит.