Кинигэ күүһэ

Республиканскай 5-с төгүлүн ыытыллар “Кинигэ күүһэ” акцияҕа Мэйик сынньалаҥ киинигэр өр сылларга директорынан үлэлээбит, билигин художественнай салайааччынан үлэлии сылдьар, Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын культуратын  үтүөлээх үлэһитэ,о5о эрдэҕиттэн  кинигэни до5ор оҥостубут, Джемма Иннокентьевна Федотова бэйэтэ сөбүлээн аахпыт кинигэлэрин, о5олорго сурдээх иһирэхтик, ис сүрэҕиттэн иэйэн туран кэпсээтэ. Кинигэни элбэхтэ ааҕар туох туһалааҕын, бэйэтэ историческай хабааннаах […]

Славянскай сурук – бичик уонна культуратын күнүгэр анаммыт оҕолорго тэрээһин.

Бугун, ыам ыйын 25 күнүгэр, алын сүһүөх кылаас о5олоругар Славянскай сурук – бичик уонна культуратын кунугэр анаммыт дьыктаан курэ5э  буолан ааста. Барыта 7 о5о кыттыыны ыллылар, ол курдук 3 миэстэни Петя Николаев, 2 м Далаана Иванова уонна 1 кы бочуоттаах миэстэни ыллылар, Далаана Васильева, Дмитрий Иванов. Ньургууна Чирикова

В.А. Штыров 70 сааһыгар аналлаах тэрээһин

Бүгүн ыам ыйын 23 чыыһылаҕа Саха Сирин иккис президенэ Вячеслав Анатольевич Штыров 70 сааһын туолбут. Онно анаан Мэйик библиотекатыгар алын кылаас оҕолоругар анаан медиаурок буолла. Оҕолор активнай кыттыыны ыллылар. В.А. Штыров биографиятын, үлэтин туһунан билистилэр. Урок кэннэ кылгастык кэпсэтии буолла, В.А. Штыров туһунан кинигэлэри көрдүлэр. Урок сыалын ситистэ, оҕолор элбэҕи биллилэр – көрдүлэр.

Народнай диктант.

Славянскай сурук уонна культуратын кунугэр анаммыт народнай дьыктаан , бугун оруобуна пионерия күнүгэр түбэһэн, олохтоох ааҕар дьиэ5э бэрт ураты уонна сэргэх тэрээһин буолан ааста. Бу тэрээһини көҕүлээн ыытыста, Мэйик сурун оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Александра Никифоровна Федорова. Дьыктаанна уопсайа  барыта 9 киьи кыттыыны ылла. Ол курдук “Ситим” “Сайдыына” эбээлэр түмсүүлэрэ, Мэйик сурун оскуолатын […]

Дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэнэн ааҕабыт

Ыам ыйын 15 күнүгэр, дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн “Дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэнэн ааҕабыт” буклет курэ5э ыытылынна. Курэххэ 3 дьиэ кэргэн, дириҥ ис хоһоонноох буклеттары оҥороннор кыттыыны ыллылар. Ол курдук өрүү көхтөөх, дэгиттэр талааннаах  дьиэ кэргэттэр, Александра, Геннадий Федоровтар, Лилияна, Денис Семеновтар, Людмила, Лидия Семёновалар үлэлэрэ биһирэнэн,бириистээх миэстэҕэ тигистилэр. Ааҕар дьиэ кэргэн ураты ис тыыннаах, өй – […]

Ахтабыт, саныыбыт, сүгүрүйэбит

Ыам ыйын 8 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин  ааҕар дьиэтигэр, Кыайыы 78 сылыгар аналлаах, киэҥ хабааннаах тэрээһин олус долгутуулаахтык, сэргэхтик буолан ааста. Эбиэт иннигэр Валентина Васильевна салайар 2 кылааһын үөрэнээччилэрэ, махтал тыллаах хоһооннорун, дуоспуруннаахтык туттан туран олус долгутуулаахтык аахтылар. Этиллибитин курдук, ааспыт кэм кэрэһиттэрин, эйэлээх олох туһугар олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбыт өйдөбүнньүк  хаартыскаларын кэнчээри ыччаттарга сэьэргээри, […]

Кинигэ акцията

Ольга Дмитриевна Федорова аатынан модельнай библиотека аатыттан о5о кинигэлэрин  , СВО кыттыылааҕа Духов Е. Н. Мэйик сурун оскуолатыгар үөрэнэр  о5олоругар туттарылынна. ???О5олор ийэлэрэ, Кылтасова С.А. дьиэ кэргэн аатыттан улахан махталын биллэрдэ.

Сахабынан киэн туттабын

Муус устар 27 күнүгэр, Саха Республикатын күнүн чэрчитинэн , Мэйиктээ5и библиотека5а “Сахабынан киэн туттабын” диэн хоһоон хонуулаах тэрээһин буолан ааста. Манна Валентина Васильевна салайар 2 кылааһын о5олоро, оскуола учууталлара, Сахабыт сирин төрүттэспит чулуу дьоммутугар анаан, махталларын биллэрэн, хомоҕой  хоһоон аахтылар.

Ольга Дмитриевна Федорова аатынан модельнай библиотека аатыттан о5о кинигэлэрин  , СВО кыттыылааҕа Духов Е. Н. Мэйик сурун оскуолатыгар үөрэнэр  о5олоругар туттарылынна. ???О5олор ийэлэрэ, Кылтасова С.А. дьиэ кэргэн аатыттан улахан махталын биллэрдэ.