Ахтабыт, саныыбыт, сүгүрүйэбит

Ыам ыйын 8 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин  ааҕар дьиэтигэр, Кыайыы 78 сылыгар аналлаах, киэҥ хабааннаах тэрээһин олус долгутуулаахтык, сэргэхтик буолан ааста. Эбиэт иннигэр Валентина Васильевна салайар 2 кылааһын үөрэнээччилэрэ, махтал тыллаах хоһооннорун, дуоспуруннаахтык туттан туран олус долгутуулаахтык аахтылар. Этиллибитин курдук, ааспыт кэм кэрэһиттэрин, эйэлээх олох туһугар олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбыт өйдөбүнньүк  хаартыскаларын кэнчээри ыччаттарга сэьэргээри, “Ахтабыт, саныыбыт, сүгүрүйэбит…” диэн хаартыска быыстапката тэрилиннэ. Бу быыстапка5а о5олор хос эһэлэрин, аймах дьоннорун буланнар, киэҥ тутта көрдүлэр, иһиттилэр. Салгыы, Мэйик сурун оскуолатын учуутала, өр сылларга үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, Маргарита Егоровна Борисова, сурдээх  истин ахтыытын, о5олор биир тыынынан болҕойон олорон иһиттилэр. Кыайыы 80 сылыгар өссө күүскэ бэлэмнэнэн көрсүөхтээхпитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.Урукку сылларга дьоннорун сырдык ааттарын үйэтитэргэ, Владимир Афанасьевич Федоров, үс бырааттыы Федоровтарга анаан, волейбол курэ5ин, Александра Никифоровна Федорова, эьэтин Иван Яковлевка анаан викторина үрдүк таһымнаахтык ыытыллалларын кэнчээри ыччака холобур оҥорон  санатан бэлиэтээтэ. Мэйик сурун оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, Любомира Макаровна Хаччагаева,биьиги дойдубутуттан сэриигэ барбыт, сэрии толоонугар охтубут буойуттар туох наҕараадаҕа тиксибиттэрин хантан булан кинигэ5э киллэрбиттэрин сэһэргээтэ. Бу барыта судургу буолбатаҕын, туох барыта улахан үлэттэн саҕылларын быһааран кэпсээтэ.Ону тэҥэ, алын сүһүөх кылаас о5олорун, кыайыы күнүгэр аналлаах открыткаларын быыстапката турда уонна 5-6-8 кылаас о5олоро бэйэлэрэ айбыт, ис сүрэхтэриттэн иэйэн – куойан суруйбут анал хоһооннорун бар дьон иннигэр, долгуйан тураннар аа5ан иһитиннэрдилэр. Бастыҥ айыллыбыт хоһоонньуттарга, хоһоон суруйбут о5олорго миинньигэс шоколад  туттарылынна. Салгыы  “Ахтабыт, саныыбыт, сүгүрүйэбит…” викторина5а барыта 6 кыттааччы кыттыбытыттан, 3 бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ, еруу көхтөөх кыттааччыбыт, Лидия Семеновна Семёнова, 2 м Джемма Иннокентьевна Федотова уонна 1 м ылла, Айталина Васильевна Иванова. Кыттыыны ылбыт дьоммутугар туоһу суруктар туттарылыннылар. Буолар тэрээһиннэри о5олору кытта тэҥҥэ сылдьыһан, хаартыска5а туьэрэн үйэтитэр, о5о хамсааһынын салайааччытыгар Лира Дмитриевна Шологонова5а, еруу көмөлөһөр, өр сылларга уһуннук бииргэ үлэлээбит коллегабар, Любомира Макаровна5а махтал маанытын аныыбын. Бу курдук буолар тэрээьиннэргэ өрүү көхтөөх буолуҥ диэн, барыгытын ыҥырабын.