Дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэнэн ааҕабыт

Ыам ыйын 15 күнүгэр, дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн “Дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэнэн ааҕабыт” буклет курэ5э ыытылынна. Курэххэ 3 дьиэ кэргэн, дириҥ ис хоһоонноох буклеттары оҥороннор кыттыыны ыллылар. Ол курдук өрүү көхтөөх, дэгиттэр талааннаах  дьиэ кэргэттэр, Александра, Геннадий Федоровтар, Лилияна, Денис Семеновтар, Людмила, Лидия Семёновалар үлэлэрэ биһирэнэн,бириистээх миэстэҕэ тигистилэр. Ааҕар дьиэ кэргэн ураты ис тыыннаах, өй – санаа өттүнэн киэҥ билиилээх буолара мэлдьэҕэ суох. Инникитин даҕаны, ыытыллар курэхтэргэ кыттыахтара, дьиэ кэргэн кинигэни доҕор оҥостон, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ быстыбат ситим буолан үгэс быһыытынан илдьэ сылдьыахтара диэн эрэниэҕи баҕарыллар.  Кинигэни ааҕан, кинигэттэн элбэххэ үөрэнэн, уунуе5ун, сайдыа5ын!