Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньытабуолар.
_Бүгүн, Сэтинньи ый 27 күгэр, В.Н. Титов аатынан культура сынньалаҥ киинигэр. Олоҥхо_ _декадатын чэрчитинэн “Олоҥхо төрдө – олоххо”- диэн тэрээһин Мэйик дьоллоох туонатыгар, буолан ааста.
Тэрээһин сахалыы сиэринэн- туомунан, үрдүк айыыларга сүгүрүйэн, аал уокка айах тутууттан саҕыллан са5аланна. Кэлбит ыалдьыттары, сахалыы сиэринэн алгыстаах алаадьынан күндүлээтибит. Олоҥхо киэһэтин эйээркэй куолаһынан, тойук туойан арыйда, Галина Абрамовна Иванова. “Чолбон” түөлбэ үҥкүүһүттэрэ “Күн тахсыыта” үҥкүүтүн толороннор, тэрээһин силигин ситэрэн биэрдилэр.
“Олоҥхо төрдө – олоххо” олоҥхо ааҕыытын Потаповтар дьиэ кэргэттэрэ аа5ан саҕалаатылар. 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ “Мөҥүрүүр бе5е” олоҥхоттон, 6-с кылаастар “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхоттон быһа тардан аахтылар. Кинилэри тилэх баттаһан, Валентина Васильевна Попова салайар 4-с кылааһын үөрэнээччилэрэ “О5о Бочоох Бухатыыр”- олоҥхону, уобараска киирэннэр, сурдээх үчүгэйдик толордулар. Галина Абрамовна оһуохайынан, олоҥхобут киэһэтин түмүктээтибит.
Бүгүҥҥү күнтэн бары да астына быһыытыйдыбыт, “хайдах эрэ ыһыахха курдук” – диэн, о5олор сирэйдэриттэн үөрүү кыыма саҕыллар.
Сахабыт тылын – сүмэтин, культуратын, бүтүн Аан дойдуга аатырдыбыт олоҥхобут киэһэтэ, Мэйик дьоллоох туонатыгар буолан ааста, сэгэрдэр!

















