Олунньу ый 1 күнүгэр, олохтоох библиотека5а, Мэйик оскуолатыгар өр сылларга үлэлээн ааспыт, элбэх оҕоҕо билии биэрбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СР үөрэҕэриитин туйгуна, СР үөрэҕэриитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Васильева Варвара Захаровна 75 сылыгар анаан, төгүрүк остуол тула истиҥ иһирэх кэпсэтиилээх, ахтыы күнэ буолан ааста. Манна кыттыыны ыллылар, истиҥ – иһирэх кэпсэтиигэ кыттан, ахтан – санаан аастылар, өр сылларга Варвара Захаровнаны кытта оскуола5а бииргэ алтыһан үлэлээбит коллегалара, ыкса ыаллаһан олорбут дьоно – сэргэтэ. Уһун сылларга, оскуола5а директорынан үлэлээбит, Попова Валентина Васильевна, бииргэ үлэлээбит коллегата, Бускарова Зоя Васильевна, ыаллара, Павлова Василина Васильевна, балта, Алексеева Александра Ивановна, биир түөлбэҕэ олорбут атастара, элбэх о5о а5ата, эһээтэ, Прокопьев Николай Николаевич. Оччотооҕу кэмнэри дуоһуйа кэпсэттилэр, эргэрбит хаартыскалары долгуйа көрөн – истэн, ааспыт кэм ахтыл5аныгар, куустара түһэн ыллылар.
Варвара Захаровна о5олоро, бу сыллар тухары оскуола үөрэнээччилэригэр анаан, кэтэхтэн “Кэрэ буочар” курэ5и хаһыс да төгүлүн ыытан кэллилэр . Аны быйылгыттан үөрэппит оҕолорун, баҕалаах улахан дьону кытталларыгар ыҥырбыттарыгар, тэрээһиҥҥэ кэлбит дьоммут – сэргэбит, үөрэн – көтөн туран кыттыыны ылбыттара олус кэрэхсэбиллээх. Бу курэххэ буоларын курдук оскуола о5олоро эмиэ кыттыыны ыланнар, ис истэриттэн дуоспуруннанан, “Кэрэ буочар” иһин сурдээ5ин кыһаллан туран суруйдулар. Манна даҕатан этэр эбит буоллахха, Варвара Захаровна үбүлүөйдээх сылын билиһиннэрэ да таарыйа уонна киниэхэ анаан бу күрэх буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон сэһэргээри, бу түһүлгэҕэ о5олору мустубут.
Бу курдук, Варвара Захаровна5а аналлаах тэрээһиммит сурдээх истиҥник буолан ааспытыттан бары да кэриэтэ сүргэбит көтөҕүллэн, кыттыыны ылбыт дьоммутун – сэргэбитин, о5олорбутун кытта, өйдүү – саныы сылдьар гына, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт.
Түмүккэ этиэхпин баҕарабын, өүү бу курдук туохха барытыгар көхтөөх, эдэрдии эрчимнээх, үүнэ – сайда туруҥ!








