Бу ый ахсынньы 8 күнүгэр Мэйик нэһилиэгэр, Саха народнай суруйааччытын, Үөһээ Бүлүү Харбалаа5ыттан төрүттээх,киэн тутта ааттыыр биир эмиэ тарбахха баттанар, тумус туттар суруйааччыбыт Н.Г. Золотарев- Николай Якутскай 115 сылыгар анаан, кини суруйуутугар “Төлкө” романтан быһа тардыы испиктээкил үрдүк таһымҥа буолан ааста.
Ааттаах – суоллаах, улахан суруйааччыга, инникитин кэлэр кэнчээри да ыччакка өйдөтөр, үөрэтэр да сыалтан, ба5ар Маайалаах, Сүөдэр туох дьылҕалаах буолуохтарын сэнээрэн ааҕыахтара дуу диэн уонна нэһилиэк дьонун оонньотон, сэргэхситэн, үйэтитиигэ да киллэрэн “Төлкө” испиктээк туруорулунна. Ол да курдук испиктээккэ нэһилиэкпит талба талааннаахтара ис сүрэхтэриттэн ылсаннар, уобараска киирэн туран, итэҕэтиилээхтик оонньооннор, дьон сэҥээриитин ылыахтарын ыллылар.
Оруолларга, Сүөдэри – Василий Муксунов, Маайаны-Айыына Спиридонова, Харатаайап кулубаны – Герман Иванов, Ылдьаананы – Валентина Попова, Дьаакыбылап кулубаны – Владимир Федоров, Огдооччуйаны – Айталина Львова, Сылластыгаһы – Николай Саввинов, Сиидэр суруксут оруолун – Геннадий Федоров, Лэгиэнтэйи – Семён Васильев, Харытыананы -Галина Иванова, адвокат Уйбааны – Ариан Федоров, Малаанньыйаны – Джемма Федотова, Сөдүөччүйэни – Маргарита Борисова, икки дьахтар оруолун – Агафья Догуева, Лена Спиридонова, хамначчыт кыргыттары, Сүөкулэни – Августина Иванова, Кэтирииһи – Сардаана Иванова, Мааппаны – Туйаара Васильева, суут уонна таҥара үлэһитин Иван Чириков, ойуун саҥатын- Владислав Иванов, ойуун оруолун- Данил Николаев оонньооннор, чахчыта да дьон – сэргэ киэҥ сэҥээриитин ылыахтарын ыллылар.
Испиктээк туруутугар нэһилиэк олохтоо5о бүтүннүү кэриэтэ турунан, ким туох маллаа5ынан уларсан, сыанабыт декорацията сурдээ5ин табылынна, икки кулуба ыалын дьиэтэ ситэн – хотон оҥоһуллан, артыыстарбыт итэҕэтиилээхтик оонньууларыгар эрэли үөскэттэ. Бу уларсыбыт, ыскаабыгар тиийэ былыргылыы малларбытын кулуупка тиийэ а5алан күүс-көмө буолбут нэһилиэкпит биир эмиэ туруу үлэһит уолаттарыгар, Аян Семеновка, Василий Павловка махтаныахпытын ба5арабыт.
Испиктээккэ хара маҥнайгыттан ылсан үлэлэспит, бэйэтэ эмиэ режиссёр идэлээх Марианна Степановна Потапова5а махталым муҥура суох. Кини аан – маҥнайгыттан саҕалыахпыт иннинэ сыана сабыытыттан саҕалаабыта. Дьиҥнээхтии театр курдук оҥоруохха диэн сыалтан, баһылыкпытыттан Иван Игоревичтан көрдөһөн, тута сөбүлэһэн, итиччэлээх сыана5а сөп буолар хара материал ылыллан, сыанабыт тута театырдыы көстүүлэммитэ. Бу бириэмэҕэ, оруобуна кэриэтэ бэйэбит уолбут, олоҥхо театрын артыыһа Владислав Иванов Үөһээ Бүлүүгэ олоҥхо туруора кэлэ сылдьан, а5ыйах бириэмэ5э кэлэ түһэн артыыстарга сүбэ – ама биэрэн сурдээ5ин көмөлөһөн , дьоммутугар эрэли сахпыта. Көмүлүөк оһох ылбычча көстүбэт онон нэһилиэкпит иһигэр мас ууһунан дьарыгырар Геннадий Семеновтан көрдөспүппүтун быһа гыммакка, өрүү да туттулла сылдьар курдук чочуонайдык оҥорон, сүргэбитин көтөхпүтэ. Барыта сап – саҕаттан са5ылларыныы, быа ситимин курдук ситимнэһэн, сатанан киирэн барбытыттан уерэн – кетен, оонньуур дьоннорбутунаан күн аайы кэриэтэ көрсөн бэлэмнэнэн, бүтэһигэр биир дьиэ кэргэн курдук буоламмыт, сыалбытын – сорукпутун ситтэхпит.
Испиктээкили үйэтитиигэ киллэрэн үлэлэспит дьоннорбутугар, хаартыскаҕа түһэртээбит Лира шологоноваҕа , видеоҕа уһулбут Иван Анисимовичка, Наталья Ивановаҕа тус бэйэм ааппыттан махталбын биллэрэбин.
Түмүккэ, хас биирдии кыттыбыт Мэйик олохтоохторугар махтал уонна туоһу суруктар туттарылыннылар. Бу курдук, Саха народнай суруйааччыта, биир дойдулаахпыт, Үөһээ Бүлүү Харбалаа5ыттан төрүттээх Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай 115 сылыгар анаммыт тэрээһиммит сыалын – соругун ситэн, дьоһуннук ааста диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар . Сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли үөскэтэн түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ, үүнүөҕүн – сайдыа5ын! Өссө төгүл күүс – көмө буолбут бар дьоммутугар, махтал бастынын аныыбыт!
—


















