Олоҥхо күннэрэ – Мэйик нэһилиэгэр.

Олоҥхо нэдиэлэтин чэрчитинэн, Мэйик нэһилиэгэр, киэҥ ис хоһоонноох Олоҥхо  ааҕыылара буолан аастылар.
      Ол курдук сэтинньи 18 күнүгэр В. Н. Титов аатынан культура киинигэр, нэһилиэк олохтоохторо кыттыылаах, Валентина Владимировна Семёнова суруйбут  “Куоппат – куойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр Бухатыыр” олоҥхотун аа5ыы үрдүк таһымҥа буолан ааста.Бу түһүлгэҕэ автор, Валентина Владимировна бэйэтинэн кэлбитэ тэрээһини өссө киэргэтэн, силигин ситэрэн биэрбитэ. Олоҥхону хайдах суруйбутун, хайдах быһыылаахтык  аа5ыллыахтаа5ын туһунан маастар кылаас курдук кэпсээн, сэһэргээн, киэһэбитин сурдээ5ин сэргэхсиппитэ, ону тэҥэ оьуокай тылын таһааран, бары да сэргэхсийэ быьыытыйбыппыт.
     Бугун, сэтинньи 25 күнүгэр, Мэйиктээ5и ааҕар дьиэҕэ оскуола о5олоро кыттыылаах  “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” Олоҥхо аа5ыыта буолан ааста. Манна кыттыыны ыллылар, Валентина Васильевна Попова  салайааччылаах, Мэйик сурун оскуолатын алын сүһүөҕүн 3 кылаас үөрэнээччилэрэ “Ойор – тэбэр аттаах о5о Бочоох Бухатыыр” олоҥхону ону таһынан  6 кылаас бастыҥ уоланнара, Ф. Н. Тимофеев “Түмэн Туурэй Бухатыыр олоҥхотуттан быһа тардан  Андриан Николаев, Арсений Федоров доргуччу ааҕаннар, киэҥ биһирэбили   ыллылар.” Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” диэн кинигэ быыстапката туруорулунна, олоҥхоҕо аналлаах, олоҥхо кинигэлэрэ элбэх да тахсыбыт эбит диэн сурдээ5ин сэҥээрэ көрдүлэр – иһиттилэр.
      Бу курдук, Мэйикпит нэһилиэгэр, олоҥхо декадатынан, дьоһун тэрээһиннэр  буолан аастылар диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар.