Нуучча тылын күнэ.

Сэтинньи 17-18 күннэригэр,  Мэйиктээ5и ааҕар дьиэ иһинэн ыытыллыбыт , нуучча тылын күнун чэрчитинэн  киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа буолан аастылар. Ол курдук оскуола о5олоро төрөппүттэринээн, Улуу нуучча суруйааччытын А. С. Пушкин хоьооннорун икки тылынан ааҕабыт хоһоон курэ5эр кыттаннар, дьон үрдүк сэҥээриитин ыллылар. Төрөппүттэр оҕолорун кытта биир ситим буолан кыттыбыттара көрүөххэ да, истиэххэ да сүрдээх үчүгэй. Кинигэ билии төрдүн биһигэ, кинигэни аа5ар буолан уунэбит, сайдабыт, билиибит кэҥиир, инникигэ эрэллээхпит! Туох барыта дьиэ кэргэнтэн са5ылларыныы, кинигэлиин алтыһан, о5олоругар үтүө холобур буоланнар, сарсынны күҥҥэ эрэли түсүтүүллэрэ саарбаҕа суох.
        Күрэххэ барыта 9 дьиэ кэргэн кыттыыны ылбытыттан 1 гы миэстэлэри ылары ситистилэр, алын сүһүөх кылааска 4 кылаас үөрэнээччитэ Харысхан, Агафья Михайловтар, Рамиль, Матрена Морфуновтар, улахан сүһүөххэ Нарияна, Алиса Максимовалар, 2 – бочуоттаах миэстэни Эрсан, Ариан Федоровтар, Нарыйаана, Мария Ивановтар, 3 миэстэни Сияна, Лена Семёновалар уонна туоһу суругунан наҕараадаланнылар, Талбан, Геннадий Федоровтар, Дамир, Вячеслав Федотовтар, Алексения, Лидия Семёновалар.
       Вадим Константинов Саха Государственнай Университетыгар үөрэнэ сылдьан А. С. Пушкинна анабыл хоһоонун айбытын, Валентина Васильевна Попова салайар 3  кылааьын уолаттара сурдээх үчүгэйдик, киэн туттан туран аа5ан иһитиннэрдилэр.
       Ону тэҥэ тэрилтэ үлэһиттэригэр сурдээх тыҥааһыннаах  “Великий и могучий русский язык” диэн викторина эмиэ олус сэргэхтик буолан ааста. Викторинаны иилээн – саҕалаан ыытта, Мэйик сурун оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Александра Никифоровна Федорова. Күрэх түмүгүнэн 1 кы миэстэни оскуола коллектива, 2 с миэстэни” Кунчээн” детсад коллектива, 3 с бочуоттаах миэстэни администрация коллектива уонна көхтөөх кыттыытын иһин туоһу суругу КДУ коллектива тутта.
       Бу курдук Мэйик кэрэ туонатыгар  нуучча тылын күннэрэ сурдээх сэргэхтик буолан аастылар диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Кылгас кэм иһигэр оҕолуун – эмэнниин түбүгүрэ түһэн, олохторугар биир эмиэ хатыламмат, дьикти – кэрэ өйдөбүлү хааллардахтара диэн эрэнэбит, кэлэр да тэрээьиннэргэ кыттыахтара диэн ба5а санаа бастыҥын аныыбыт.