Бүгүн Мэйик сүрүн оскуолатыгар бэрт сэргэх тэрээһиннээх оскуоланы бүтэрэр тиһэх чуораан чугдаарар кэрэ-бэлиэ күнэ буолан ааста. Бэлиэ түгэни оскуола организатора Ньургуна Владимировна тэрийэн ыытта. Бу күн начальнай кылааһы 9️⃣-с оҕо бүтэрдэ, онтон 9️⃣ кылаастарга 1️⃣0️⃣-н оҕо түмүктээтэ. Ис сүрэхтэн үөрэн-көтөн туран кылаас салайааччытыгар Айталина Васильевнаҕа, Геннадий Петровичка, Валентин Михайловичка, кыһамньылаах учууталларыгар, иитээччилэргэ махтал тыллары анаатылар. Ийэлии истиҥник, аҕалыы амарахтык үөрэх-билии киэҥ аартыгынан олоххо активнай позициялаах, үөрэххэ, спортка дьоһун ситиһиилээх үктэннэрбиттэригэр бу үөрүүлээх түгэҥҥэ истиҥ иһирэх санааларын биир кэлим экзаменнары ситиһиилээхтик туттаран салгыы үөрэх киэҥ аартыгын арыйан, идэ ылан төрөөбүт дойдуларын чэчирии сайдарын туһугар кыһаллыахтара диэн үөрэппит учууталлара, школа директора А.Н.Иванов, олохтоох дьаһалта спец.Д.А.Николаев, кулууп директора А.В.Алексеева, детсад колл.А.М.Федотова, В.М.Попов, В.В.Попова, М.Е.Борисова, В.М.Санников, А.Н.Федорова, Н.А.Саввинов, төрөппүттэр Е.М.Спиридонова, Т.В.Иванова оҕолорго, учууталларга, төрөппүттэргэ махтал тылларын тиэртилэр, сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан эҕэрдэлэрин тиэртилэр??
Үөрэх билии кыһатыгар республиканскай, улуснай уонна оскуола иһинэн ыытыллар араас күрэхтэргэ ситиһиилээх оҕолор??? Сардана Егорова, Варя Васильева, Карина Спиридонова, Долгуяна Иванова, Эрнест Николаев, Александр Прокопьев о.д.а махтал суруктарынан, грамоталарынан наҕараадаланнылар???
Түмүгэр үрдүктэн үрдүккэ, кэрэттэн кэрэҕэ сирдиир учууталларыгар үлэлэригэр үрдүк ситиһиини , дьолу-саргыны баҕардылар!???





